Ийэҕэ муҥура суох таптал, сүгүрүйүү, махтал бэлиэтэ

Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларын көрсө Абаҕа нэһилиэгэр өр сыл бибилэтиэкэринэн бэриниилээхтик үлэлээбит ССРС культуратын туйгуна, Абаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Урамньы» улуустааҕы бириэмийэ икки төгүллээх лауреата, «Кэскили түстээччи» анал аат хаһаайката, хомоҕой тыллаах хоһоонньут, ырыа айааччы, Абаҕа дьиҥнээх патриота Галина Захарова-Уордьаннаах кыыһын туһунан төрөппүт оҕолоро “Это хорошо!” диэн кинигэ оҥорон таһаартардылар. Кинигэ Галина Ильинична оҕо аймахха айан хаалларбыт саамай биллэр ырыатын аатынан ааттаммыт.
Истиэхтэн кэрэ матыыптаах ырыаны дьоро күн кини хос сиэннэрэ кэрэчээн Аэлита уонна кырачаан Варвара ыллаан дьон кутун-сүрүн туттулар, сүрэҕин манньыттылар. “Киһи олоҕо – уус-уран Айымньы” диэн кинигэ аан тылыгар Галина Ильинична орто уола, айар талааннаах Илья Владимирович Семенов-Ураанай уола бэргэн этиитигэр дьүөрэлии, кинилэр күн күбэй ийэлэрэ, эйэҕэс эбэлэрэ чахчы уус-уран айымньыга тэҥнээх чаҕылхай олоҕу олорбута, таһаарыылаах үлэтинэн-хамнаһынан умнуллубат суолу-ииһи хаалларбыта. Галина Ильинична сүрүн үлэтин таһынан оҕо, ыччат, улахан дьон өй-санаа, сиэр-майгы өттүнэн сайдыылаах, төрөөбүт түөлбэтин историятын билэр, патриотизм тыыныгар иитиллэр, үлэни өрө тутар, кинигэни таптаан ааҕар буоларыгар сүрүн болҕомтотун уурбута. Айар үлэҕэ дьону собуоттуура, уостубат энергиятынан кынаттыыра. “Библиотека – оскуола”, “Мин түөлбэм – мин дьылҕам”, “Биһиги кыра түөлбэбит”, онтон да атын бырагыраамалары суруйан үгүс үлэни ыыппыта.
Сылын аайы оскуола оҕолоругар, төрөппүттэргэ, учууталларга Ойуунускай ааҕыыларын, Көстөкүүн Туйаарыскай литературнай биэчэрдэрин, саха суруйааччыларыгар аналлаах поэзия киэһэлэрин, оҕо кинигэтин нэдиэлэтин, “От всей души”, “Дьиктилээх хонуу”, “Брейн-ринг”, “Зов Джунглей” оонньуулары, араас утренниктары, бэсиэдэлэри, викториналары тэрийэн ыытара. 2002 сыллаахха кыраайы үөрэтэр бырайыага СӨ культура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин Гранын ылбыта. Нэһилиэк историятын үөрэтиигэ фонда тэриллибитэ.
Галина Ильинична үлэлиир кэмигэр Абаҕа бибилэтиэкэтэ итинник Граны үс төгүл ылары ситиспитэ, материальнай-техническэй базатын хаҥаппыта. Маны таһынан Ольга Петровна Иванова-Сидоркевич тэрийиитинэн, кини бырагырааматынан бибилэтиэкэ базатыгар “Ача” детсад, “Ыллык” оскуола оҕолоругар оҕо айар түмсүүлэрин, сайыҥҥы лааҕыры тэрийбитэ, оскуола оҕолоругар драм куруһуок аһан үлэлэппитэ. Араас сценкаларга оонньуурга, оруоллары хайдах толорорго, ыллыырга, үҥкүүлүүргэ үөрэтэрэ.
Бу куруһуоктан «Туймаада» судаарыстыбаннай ырыа ансаамбылын солиһа, СӨ культуратын туйгуна Серафим Ксенофонтов үүнэн, сайдан тахсыбыта. “Миигин айар суол аартыгар үктэннэрбит күндүтүк саныыр учууталбар Галина Ильиничнаҕа куруук махтанабын”, — диэн этэр үөрэнээччитэ. Онтон кини бииргэ төрөөбүт балта суруналыыстар “Кыһыл көмүс бөрүө” үрдүк бириэмийэлэрин лауреата Айыына Ксенофонтова: “Галина Ильиничнаны санаатахпына харахпар күннээх халлаан курдук күлэн мичээрдии сылдьар, сырдык, ыраас аһаҕас майгылаах, киэҥ далааһыннаах дириҥ көрүүлээх, сүрдээх айымньылаах кэрэ киһи көстөн кэлэр”, — диир. Көҥүл уонна греко-римскэй тустууга биллэр тренер Кирилл Павлов: “Тапталлаах Абаҕам ааспыт Сэбиэскэй кэминээҕи олоҕун сэгэтэн көрдөххө, Галина Ильинична олоххо тапталы саҕар айымньылаах үлэтэ, биһиэхэ оҕолорго сүрдээх элбэх кэрэ түгэннэри бэлэхтээбит эбит”, — диэн этэр. Галина Ильинична үлэтин биир улахан ситиһиитинэн саха литературатыгар оҕо суруйааччытынан биллэр, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, тылбаасчыт Константин Николаевич Дьячковскай-Туйаарыскай аатын төрөөбүт сиригэр төнүннэрэргэ, кини аатын үйэтитэргэ сүҥкэн үлэни ыыппыта буолар. Бэйиэт төрөөбүтэ 80, 85, 90, 100 сыллаах үбүлүөйдэрэ суруйааччылар кыттыылаах үрдүк таһымҥа бэлиэтэммиттэрэ. Литературнай экспедиция тэриллэн суруйааччы күн сирин көрбүт түөлбэтигэр Сулҕаччыга Мэҥэ Таас турбута. Оҕо сааһа ааспыт өтөҕөр Нукууһа сайылыгар Абаҕаҕа “Кэрэхси” анал бэлиэ туруоруллубута, сэргэ күрүөлэммитэ. Өрөспүүбүлүкэ араадьыйатыгар Константин Туйаарыскай туһунан биэрии тахсыбыта. Бэйиэт үбүлүөйдээх сылларыгар литература бырааһынньыктара, улуустааҕы литературнай-музыкальнай күрэхтэр, “Туйаарар-85” улуустааҕы бэстибээл ыытыллыбыта. Бэйиэт саҥа кинигэлэрэ: “Ийэм күөрчэҕэ” (2000), “Остуоруйалар, кэпсээннэр, хоһооннор, сатира, тылбаас” (2005), “Көстөкүүн Туйаарыскай ахтыылар, ыстатыйалар, интервью, пьеса, ыйынньык” (2015) бэчээттэммиттэрэ. 1995 сыллаахха бэйиэт төрөөбүтэ 80 сылыгар Абаҕа бибилэтиэкэтигэр Константин Туйаарыскай аата иҥэриллибитэ.
Галина Ильинична суруйааччы аатынан литературнай айар түмсүү тэрийэн, Абаҕа айар талааннаахтарын айымньыларын бар дьон билиитигэр таһаарбыта. Ол курдук сцена бэтэрээнэ Гаврил Захаров, учуутал, мелодист, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Галина Петрова ырыанньыктара тахсарыгар үлэлэспитэ. “Сибэккиттэн күн тахсар” диэн оҕолорго аналлаах хомуурунньукка мелодист Татьяна Антонова “Саҥа хаар”, “Сайыны уруйдуом” ырыалара киирбиттэрэ. Галина Ильинична бэйэтэ айбыт “Харама хайата”, “Үчүгэй мыраан” ырыаларын “Кыыс Амма” ырыа норуодунай ансаамбыла үрдүк таһымҥа толорор, бар дьон тапталын ылар. 2005 сылтан Абаҕа бибилитиэкэтэ оҕолорго Көстөкүүн Туйаарыскай аатынан анал стипендия аныыр. Дэлэҕэ даҕаны, биир дойдулаахтара Галина Ильиничнаны Галина Туйаарыскайа диэн таптаан ааттыахтара дуо? Күн бүгүн Константин Туйаарыскай аатынан модельнай бибилэтиэкэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ, СӨ культуратын туйгуна Клара Афанасьевна Карманова салалтатынан Арассыыйа бастыҥ культура тэрилтэтэ буолар.
Саҥа кинигэ сэттэ түһүмэхтээх. Хас биирдии түһүмэх Галина Ильинична бэйэтэ этэн хаалларбыт тылларынан ааттаммыттара ордук истиҥник иһиллэллэр, кини үлэлээн ааспыт дириҥ ис хоһоонноох олоҕун кэпсииллэр. Холобура, “Мин баайым – оҕолорум”, “Дьүөгэлэрим, кыргыттарым”, “Үтүөнү, кэрэни оҥоро, ньиргиэрдээх үлэнэн тиҥийэ”, “Үөрэнээччилэрим – күннээх Аммам күндү дьоно”, “Таптыыр дьонноох буолан баайбыттан ытыс муҥунан ыһабын”, “Мин истиҥ иэйиим, тапталым – хоһооннорум”, “Ырыаларым – көтөр кынаттарым” (улахан дьоҥҥо, оҕолорго ырыалара), “Куруук инники кэккэҕэ олоробун, үлэлиибин, айабын”. Ити курдук кинигэҕэ Галина Ильинична оҕолорун, сиэннэрин, дьүөгэлэрин, доҕотторун, бииргэ үлэлээбит коллегаларын, литературнай түмсүүлэргэ бииргэ алтыспыт дьонун истиҥ, иһирэх ахтыылара, киниэхэ анабыл хоһоонноро киирбиттэр. Маны таһынан Галина Ильинична таптал, олох, айылҕа туһунан нарын иэйиилээх, төрөөбүт дойду туһунан патриотическай тыыннаах сахалыы-нууччалыы бэртээхэй хоһоонноро бэчээттэммиттэр.
Саҥа кинигэни сүрэхтиир дьоро киэһэ Устин Нохсоороп аатынан Абаҕатааҕы духуобунас киинигэр СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Екатерина Яковлева салалтатынан үрдүк таһымҥа ааста. Ийэлэрин туһунан оҕолоро Абаҕа нэһилиэгин баһылыга Максим Владимирович, Мээндиги нэһилиэгин баһылыга Илья Владимирович, Алараа Бэстээхтэн кыра уола Станислав Владимирович Семеновтар уонна Дьокуускай куораттан күүтүүлээх кыра кыыһа, быраас идэлээх Елена Куприянова ахтан-санаан аастылар. Ийэлэрин аатынан аан бастакы бэлиэни Абаҕатааҕы норуодунай театр уус-уран салайааччытыгар, талааннаах режиссер, СӨ культуратын туйгуна Евгения Поповаҕа уонна Устин Нохсоороп аатынан Абаҕатааҕы духуобунас киинин дириэктэригэр Екатерина Семеновнаҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Оҕо сааһын дьүөгэлэрэ Татьяна Соркомова, Елена Старостина, Анастасия Ксенофонтова, Ирина Сирдитова, Василиса Винокурова, бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрэ Амматтан В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан киин бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйин солбуйааччы, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ Светлана Макарова, комплектование отделын бибилэтиэкэрэ, СӨ культуратын туйгуна Варвара Конникова, Сэргэ Бэстэн олохтоох бибилэтиэкэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ, СӨ культуратын туйгуна Устинья Конникова, Абаҕатааҕы Константин Туйаарыскай аатынан литературнай түмсүү чилиэттэрэ айар куттаах Татьяна Антонова, Александра Карманова, Сталина Карманова, үөрэнээччилэрэ СӨ үтүөлээх учуутала Мария Ноговицына, медицинскэй наука кандидата Софья Александрова, маны таһынан СӨ үтүөлээх зоотехнига Маргарита Смитина, Константин Туйаарыскай аатынан Абаҕатааҕы модельнай бибилэтиэкэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ Клара Карманова эҕэрдэлээтилэр, истиҥ ахтыыларын оҥордулар.
Галина Ильинична бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан да баран, Дьокуускай куоракка көһөн киирэн, “Үүнэ, сайда тур, эн – Үһүс көлүөнэ оскуолам, Үтүмэн үгүс үлэнэн Үйэлэргэ суолгун хааллар!” диэн санаанан салайтаран эдэрдии эрчимин ыһыктыбакка таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Хоһоон суруйар, ырыа айар, тойуктуур, чабырҕахтыыр, үҥкүүлүүр, сценкаҕа оонньуур, өйтөн уус-ураннык ааҕар, ыллыыр – араас дьоҕурдаах дьону түмэ тардан “Дорҕоон тойуга”, “Айар кут” түмсүүлэри тэрийэн, “Чэ, чэйдиэҕиҥ!” хас да ватсап группаны арыйан олоҕун тиһэх күннэригэр диэри суруйар, айар баҕалаах дьону айар умсулҕаҥҥа сирдээн инники күөҥҥэ сылдьан тэтимнээхтик үлэлээбитэ. Үчүгэй тэрийээччи, бастыҥ салайааччы быһыытынан талаана өссө арыллыбыта. Кыттыбат да киһини кытыннарар, сатаабаты да “суох” дэппэт ураты дьоҕурдааҕа, дьоҥҥо наар үчүгэйи көрөр үтүө майгылааҕа. Түмсүүтүн дьүөгэлэрин айар үлэлэрин түмэн «Сайар сарыал”, “Улуу Кыайыыны уруйдуубун”, “Күн кута сибэкки”, “Оҕо саас оһуора” кинигэлэри таһаартарбыта. Бииргэ алтыспыт доҕотторо Галина Ильинична оҕолуу үөрүнньэҥ майгытын, ийэлии амарах сыһыанын таптаабыттара, оптимист, эргиччи талааннаах творческай личность диэн үрдүктүк сыаналаабыттара.
  • Галина Ильинична Дьокуускайга Үһүс көлүөнэ оскуолатын “Литературная гостиная” куруһуок тэрээһиннэригэр актыыбынайдык кыттара. Хайаан да хоһоон ааҕан, ырыа ыллаан, көрдөөх сценкалары толорон барыбын астыннарара. Кини кэллэ да үөрүү-көтүү, өрө көтөҕүллүү, дьарыктар сүрдээх бэһиэлэйдик ааһаллара, — диир Валентина Яковлева-Чэлгийээнэ, Дьокуускай куорат олохтооҕо, бибилэтиэкэр-библиограф. Онтон Уус Алдан Өлтөх нэһилиэгин Арыылаах бөһүөлэгин олохтооҕо, Учууталлар учууталлара, РФ уопсай үөрэхтээһини бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Антонида Шестакова-Айыллаа: “Галина Ильинична “Айар кут” куруһуок салайааччыта буолуоҕуттан бары түмсэн, биир санаанан сылдьар коллективка кубулуйбуппут. Дьарыктанар бириэмэбит биллибэккэ ааһара. Киһи болҕомтотун түмэрэ. Ылыммыт соругун тиһэҕэр тириэрдэрэ. Киһини сөхтөрөр гына сценкаҕа оонньуура, ыллыыра, хоһоон ааҕара. Драм артыыс идэтин талбыта буоллар норуокка биллибит талаан буолуо эбит. Сценаҕа анаммыт күүстээх бэйэлээх уһулуччу куоластааҕа”, — диэн истиҥник этэр. Чахчы, Галина Ильинична Иван Крылов үгэлэрин наһаа да үчүгэйдик толороро. Куолаһын дэгэтин уларытан, туттан-хаптан артыыстаан, оруолугар бүүс-бүтүннүү киирэрин киһи сөҕөрө. “Тураах уонна баҕа” үгэни соҕотоҕун икки өртүнэн араас маасканы кэтэн туран ситиһиилээхтик толороро. Кини сценаҕа тахсан ыллаан, хоһоон ааҕан бардаҕына, тула өттө сырдаан киэркэйэн кэлэрэ. Нууччалыы-сахалыы ырыалары сүрдээх чэпчэкитик үөрэн мичилийэн ыллыы турара бу баарга дылы…

Галина Ильинична тапталлаах Абаҕатыгар, төрөөбүт дойдутугар анаабыт умсугутуулаах олоҕун, айымньылаах үлэтин үгүс наҕараадалара, махтал суруктара, анал ааттара кэрэһэлииллэр. Кини үгүс дьону хоһоон абылаҥар уһуйан, саха фольклорун араас жанрдарыгар үөрэтэн, үгүс киһи талаанын арыйан, сайыннаран кэрэ эйгэтигэр сирдээн, кэскиллээх суолу тэлбитэ кэнчээри ыччакка өрүү холобур буола туруоҕа.

Вера ИВАНОВА

Читайте дальше