Ил Дархан быһа эпииригэр өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бэйэлэрин боппуруостарын быыстала суох биэрдилэр. Араас улуустартан, Дьокуускай куораттан үс чаас устатыгар тыһыынчаттан тахса боппуруос киирбитэ, нэһилиэнньэ маннык эпиири күүтэрин, көтүппэккэ көрөрүн туоһулуур. Амма улууһуттан Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо Николай Иванов бүгүҥҥү күҥҥэ эмиэ үгүс дьону долгутар боппуруоһу биэрдэ.
Ол курдук Николай Иванов кэнники кэмҥэ сылгылар дэриэбинэ иһигэр сылдьар буолбуттарын, бу боппуруоһу быһаарыыга кини биир суолу көрөрүн этэр.
“Сылгыны 50-60 км ыраах иитиэн баҕалаах дьоҥҥо анал бырагыраама оҥорон көмө оҥордоххо, бу кыһалҕа быһаарыллыа этэ. Оччотугар ынах сүөһү мэччийэр да сирэ улаатан, оҥорор бородууксуйабыт улаатыа, сүөһүбүт да, сылгыбыт да туруктара тупсуо этэ дии саныыбын ”, — диэн санаатын тириэртэ уонна бу этиини кини туох дии саныырын ыйытта.
Маны Айсен Сергеевич болҕойон иһиттэ уонна сөбүлэһэрин биллэрдэ.
“Бу чахчы баар кыһалҕа. Сылгы иитиитинэн дьарыктанааччы элбээн иһэр эрээри, нэһилиэк пууннарыттан чугас туталлар. Бу кыһалҕа тыа сирдэригэр эрэ буолбакка Дьокуускай куораттан саҕалаан баар. Дьиҥинэн сылгы базаларын тутууга анал бырагыраама баар. Базалары тутууга субсидия быһыытынан 3 мөл. солк биэрэбит. Онно сүрүн ирдэбилинэн экспертизаны ааспыт бырайыактыыр-сметнай докумуоннара баар буолуохтаах. Мин элбэх сылгыһыттары көрсөн кэпсэтэбин. Онно кинилэр баҕалара субсидия улаатыытын туруорсаллар. Быйыл 19 сылгы көрөөччү база тутуутугар субсидия ылбыта. Биллэн туран бу улаатыан наада. Мин билэрбинэн күн бүгүн 400 сылгынан дьарыктанар киһи база туттуон баҕарар. Биллэн туран сыана улаатан иһэринэн субсидия харчыта эмиэ эбиллэрэ сөптөөх. Кэнники кэмҥэ төбөҕө бэриллэр суумма улаатта. Онон сылгы базаларыгар эмиэ быһаарыылары ылыахха наада. Ыраах база туттуон баҕарар дьон баар буоллаҕына өйүөххэ сөп ”, — диэн Николай Иванов киллэрбит этиитин өйүүрүн биллэрдэ уонна Бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрэргэ эттэ.
“Амма олоҕо” хаһыат