Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын салаата 2032 сылга диэри сайдыы стратегическэй былаанын ылынар улахан сүбэ мунньаҕын ыытта. Манна нэһилиэктэр баһылыктара, хаһаайыстыбалар салайааччылара, үп-харчы исписэлиистэрэ кыттыыны ыллылар. Мунньаҕы улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы, былаан ылыныытын көрөн хонтуруоллуур Василий Бураев салайан ыытта. Стратегическэй былаан диэн тугуй, туохха туһуланан ылыллар?
Мунньаҕы улуус баһылыга Степан Кузьмин аста уонна бэйэтин киирии тылыгар бу олус суолталаах докумуон буоларын, манна аҥардас тыа хаһаайыстыбатын эрэ салаата үлэлэспэккэ, улуус сүрүн управлениелара, тэрилтэлэрэ бука бары кыттыһан, төбөлөрүн холбоон үлэлиэхтээхтэрин, онон бу мунньах сүбэлэһии, этиини истии бэрээдэгинэн тэриллиннэ диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Былааны билиһиннэриигэ, быһаарыыга сүрүн иһитиннэриилэри улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Бураев, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов, улуус экэнэмиэкэтин сайдыытын управлениетын салайааччыта Ольга Слепцова, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын экэнэмииһэ Майя Гаврильева, үп управлениетын салайааччыта Айантай Хотууна, кииннэммит бухгалтерия салайааччыта Роман Алексеев, улуустааҕы контрольнай- счетнай палата салайааччыта Светлана Окорокова оҥордулар. Онтон дьүүллэһиигэ нэһилиэк бары баһылыктара, ону сэргэ “Бөтүҥ” ТХПК бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Левин, Сэргэ Бэстэн бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Константин Фомин кыттан санааларын үллэһиннилэр, этиилэрин киллэрдилэр.
“Былааны дьүүллэһиигэ ыҥырыылаах дьон бары сүрдээх көхтөөхтүк кэлэн кытыннылар. Ол курдук салайааччылар эрэ буолбакка, бу былааны ааҕан-суоттаан оҥорууга ыкса үлэлэһиэхтээх финансистар кэлэн эмиэ иһиттилэр. Онон кинилэргэ махтанабыт. Чахчы бу былаан аҥардас тыа хаһаайыстыбатын эрэ сайдыыта буолбакка, бүтүн нэһилиэк, онон сиэттэрэн улуус сайдыытын былаана буолар. Үп управлениетын салайааччыта Айантай Хотууна Филипповна олус сөпкө бэлиэтээн эттэ. Ол эбэтэр бу стратегияҕа тыа сирин сайдыыта киириэхтээх. Ол эбэтэр аҥардас сүөһү ахсаанын, техниканы элбэтии буолбакка, тыа сиригэр олорорго усулуобуйа тэриллиэхтээх. Сайдыыбыт барыта биир. Улуус, нэһилиэк тус туспа былаанынан үлэлиэ суохтаахтар. Биир сайдыы барыахтаах. Бу былаан түмүгэ- бородууксуйа элбээһинэ буолуохтаах. Ол эбэтэр биһиги бэйэбит бэйэбитин хааччынан олорор бородууксуйабытын оҥорон таһаарар кыахтаныахтаахпыт. Мунньахпытыгар былааммытын сүрүн торумун ылынныбыт. Аны дьэ нэһилиэктэр бары үчүгэйдик көрөн, онтон манна киирэн түмүллэн, атырдьах ыйыгар өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр сөбүлэһиигэ киириэхтээх”, — диэн тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов сырдатта.
Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын стратегическэй былаанын туһунан сиһилии “Амма олоҕор” кэпсиэхпит.
“Амма олоҕо” хаһыат