Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбата өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ үлэлээҕинэн биллэр. Ол курдук сыллата бу эйгэҕэ туһуламмыт судаарыстыба тириэрдэр былааннара үксүтэ туолан, өссө сороҕо аһары толоруллан, сүөһүбүтүн, сылгыбытын этэҥҥэ сыл таһааран иһэбит. Онно барытыгар биллэн туран тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр көрүллэр көмөлөр, ураты болҕомто төһүү күүһүнэн буолар. Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов ону бигэргэтэр. Кини бэҕэһээ Дойду Бэрэсидьиэнэ Анал Туһаайыытын болҕойон иһиттэ.
Ион Семенович бэйэтэ бу эйгэни салайбыта сэттэ сыл буолла. Ол да иннинэ кылаабынай зоотехнигынан, салайааччыны солбуйааччынан үлэлээн, улуус тыатын хаһаайыстыбатын бары салаатын үчүгэйдик билэр, көмө да кэлиитин таба туһанарга көдьүүстээх, былааннаах үлэни ыытар.
“Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэҕэһээ Федеральнай Мунньахха Туһаайыытын олус сэргии иһиттим. Манна кини дойдубут 2030 сылга сайдар тосхоллорун саас сааһынан, бары сыыппаралары аҕалан чопчу эттэ. Онно кини тыа хаһаайыстыбатын салаатын үлэһиттэрин эмиэ ойуччу тутан махтаммытын олус астынным. Салгыы бу салааҕа көмө оҥоһуллуута салҕаныа диэн этиитэ биһиги салгыы сайдарбытыгар кыаҕы биэрэр. Чахчы да кэлиҥҥи кэмҥэ тыа хаһаайыстыбатыгар болҕомто улаатта. Көмө да биэриитэ сылтан сыл улаатар, араас бырагыраамалар үлэлииллэр. Уопсайынан да дойдубутугар бары эйгэ былааннаахтык сайдар диэн бэлиэтиибин. Бары көрө да сылдьаргыт буолуо, улууспутугар кэнники кэмҥэ социальнай да эбийиэктэр, тыа хаһаайыстыбатын да эбийиэктэрэ сыллата тутулла тураллар. Мин бэйэм бэлиэтиирбинэн дойду балысханнык сайдыыта Дойду бэрэсидьиэнинэн Владимир Владимирович Путин кэлиэҕиттэн барда. Хайдах эрэ ыһыллыы-тоҕуллуу баран, хаһаайыстыбалар эстэр турукка киирбиттэрэ. Онтон дьэ күүстээх лидер кэлиэҕиттэн сылтан сыл балаһыанньа тупсан, хаһаайыстыбалар дьэ өрө көрөн, бу билиҥҥи баар туруктарыгар киирбиттэрэ. Чахчы тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга, ордук чуолаан бэйэ бородууксуйатын оҥорууга болҕомто ууруллан, көмө бөҕөтө оҥоһуллар. Тыа сирин сайыннарыыга бу кэнники сылларга биһиги тыабыт хаһаайыстыбатын министиэристибэтинэн барар “Комплексное развитие сельских территорий” диэн федеральнай бырагыраама бэртээхэй көмөнү оҥорор. Бу бырагыраама чэрчитинэн, кини аннынан киирэр элбэх бырагыраамалар үлэлииллэр. Ол курдук холобура тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлиир дьоммутугар олорор дьиэҕэ элбэх квота ылан, эдэр исписэлиистэр дьиэлэммиттэрэ. Ону сэргэ бу бырагыраама нөҥүө оскуолалар, култуура дьиэлэрэ эмиэ тутуллаллар. Итини таһынан дойдубут Бэрэсидьиэнэ көҕүлээбит национальнай бырайыактар чэрчилэринэн саҥа саҕалыыр фермердэр, дьиэ кэргэнинэн тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр дьарыктаныан баҕалаахтар, агростартапка да кыттаннар күүс-көмө кэлэн элбэх дьон базаларын кэҥэтиннилэр. Ол курдук хотон тутуутугар, сүөһү, техника ылыытыгар тирэх буолла. Онон уопсайынан бу бэртээхэй бырагыраамалар үлэлээннэр, билиҥҥи буолар турар арҕаа дойдулар экономическай санкцияларыгар бэриммэккэ, бэйэбитин бэйэбит хааччынан, сайдан иһэбит диэн этэбин. Бу ыарахаттар биһигини өссө күүскэ сомоҕолоотулар, араас хайысханы ылан сайдарбытыгар өссө кыаҕы биэрдилэр. Мин тус бэйэм уонна бары тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлиир дьон Дойдубутун олус сатабыллаахтык салайан кэлбит Владимир Владимирович Бэрэсидьиэнинэн турбутун сэргии, үөрэ истибиппит уонна толору кинини өйүүбүт диэн этэбит”, — диэн Ион Семенович санаатын үллэһиннэ.
Чахчы да тыа хаһаайыстыбатын эйгэтин үлэһиттэрэ, күннэтэ уустук бириэмэҕэ үлэлии сылдьар дьон судаарыстыбаттан өйөбүлэ суох күүскэ сайдар кыахтара суох. Онон кинилэр бу оҥоһуллар көмөнү көдьүүстээхтик туһаныыга болҕомтолорун ууран, бэриллэр субсидияны уон төгүл улаатыннаран, нэһилиэнньэни доруобай, бэйэ аһылыгынан хааччыйыыга түбүгүрэллэр. Ол да иһин Ион Семенович бэлиэтээбитин курдук кинилэр дойду үрдүнэн ыытылла турар бэлиитикэни толору биһирииллэрин, өйүүллэрин этэллэр.
“Амма олоҕо” хаһыат