Бүгүн кулун тутар 4 күнүгэр «Түмэн» сынньалаҥ киинигэр Амма Наахара олохтоохторо Ил Түмэн депутата Александр Корякины, Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмины, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононовы кытары көрүстүлэр. Көрсүһүү истиҥ, сылаас сыһыаҥҥа ааста.
Ол курдук дьокутаат Александр Корякин ааспыт сылга үлэтин, быйылгы сыллааҕы үлэтин былаанын сырдатта. Кини нэһилиэк олохтоохторугар өссө төгүл Ил Түмэн депутатынан талыллыытыгар өйөбүллэрин иһин махтанна уонна инникитин бииргэ үлэлииргэ, киирэр туруорсууларга тэҥҥэ үлэлииргэ ыҥырда. Александр Иванович нэһилиэнньэни кытта көрсөн, кинилэр санааларын истэн, кыһалҕаларын туруорсуох тустаахпын диэн этэр. Тыа сиригэр тыа хаһаайыстыбатын күүскэ сайыннаран, дьон үлэлээх, дьарыктаах буолуута хааччыллыахтааҕын бэлиэтээтэ.
“Төрөөбүт Аммабыт өрөспүүбүлүкэбит биир кэрэ айылҕалаах улууһа буоларын билинэбит. Саха сирин саамай кыраһыабай Амма өрүһүн көмүскүүргэ, харыстыырга төһө кыах баарынан үлэлиибит, бука бары бииргэ Ийэ айылҕабытын харыстыаҕыҥ«, — диэн санаатын тириэртэ.
Улуус баһылыга Степан Кузьмин олохтоохторго туһаайан, нэһилиэк сыллата үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэрин, аны сайын ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар, итиэннэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар күүс-көмө буолалларын иһин махталын биллэрдэ. “Бары бииргэ түмсэммит, сомоҕолоһон Олоҥхобут ыһыаҕын ситиһиилээхтик ыытыахпыт диэн эрэнэбин«, — диэн эрэлин биллэрдэ. Онтон көрсүһүүгэ кыттыыны ылбыт тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов сахалар былыр — былыргыттан сүөһү, сылгы ииттэн, онтон аһаан — таҥнан олорор дьон буоларбытын, хомойуох иһин улууспутугар коллективнай хаһаайыстыбата суох нэһилиэктэр ынахтарын эһэн эрэллэрин бэлиэтээтэ. Кини Амма Наахара нэһилиэгэ элбэх сылгылаах нэһилиэк буоларынан, хайа баҕарар кооператив тэриллиэн сөбүн этэр уонна бу этиини үчүгэйдик толкуйдаан, ырытан кооператив тэринэргит буоллар биһиги өйүө этибит диэн эттэ. Ион Семенович “ынахтаах дьоҥҥо эмиэ туспа кооператив тэрийиэххэ сөп. Инникитин тыа олохтоохторо сүөһүбүтүн — аспытын эһимиэхпитин наада. Саханы киһи — хара оҥорбут ынах, сылгы буоларын умнумуоҕуҥ«, — диэн тоһоҕолоон эттэ.
Көрсүһүүгэ олохтоохтор Галина Мартынова хаарбах дьиэлэри көһөрүү бырагырааматынан дьиэ тутуутун, Василий Никитин бөрөнү бултааһын иһин төлөбүр харчытын ыйыттылар. Түмүккэ олохтоохтор Ил Түмэн депутата Александр Корякин соторутааҕыта СӨ норуотун хаһаайыстыбата диэн үрдүк судаарыстыбаннай наҕарааданы ылбытынан истиҥник эҕэрдэлээтилэр, норуотун туһугар таһаарыылаах үлэни баҕардылар. Истиҥ көрсүһүү уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.
Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА