Бүгүн балаҕан ыйын 23 күнүгэр Саха сиригэр статистика салаата тэриллибитэ 170 сылын туолла. Онтон Амма улууһугар бу салаа 1921 сыллаахха баар буолбута.
«Саха сиригэр 1853 сыл балаҕан ыйын 23 күнүгэр государственнай статистическай сулууспа тэриллибитэ. Ол кэмтэн ылата сана тэриллибит структура араас уларыйыылары ааста, күүhүрдэ уонна сайынна. Россия биир улахан уонна үрдүк тэрээhиннээх тэрилтэтигэр кубулуйда. Сахабыт сирин олоҕо уларыйыыларын туһунан сыыппаранан көрдөрүүнү история кэрдииһигэр хаалларар дьонунан статистика үлэһиттэрэ буолаллар. Ол курдук олохтоох норуоттар олохторун-дьаһахтарын, үлэлиир уонна олорор усулуобуйаларын тустарынан матырыйааллары эмиэ статистика отдела биэрэпистэр кэмнэригэр хомуйан мунньар. Дойду экономическай уонна социальнай быhыыта-майгыта уларыйыытын сыыппаранан көрдөрүү барыта нэhилиэк, улуус, республика, ол кэннэ Россия үрдүнэн түмүллэр. Аныгы олох ирдэбилинэн, үбү-харчыны тыырыыга, үгүс элбэх олох сайдыытын Программаларын ылыыга статистика хомуйбут сыыппаралара улахан оруолу ылар буоллулар. Амма улууhун бастакы статистигынан аҕабыыт Лонгинов Стефан Ефстафьевич буолар. Кини 1921 сыл от ыйын 10 күнүттэн 2-с Амма волоhын (киинэ Амма сэлиэнньэтэ) статистигынан үлэтин саҕалыыр. Салгыы эмиэ ити сыл балаҕан ыйын 7 күнүнээҕи ревком мунньаҕынан 1-кы Амма волоhын (киинэ Аба5а) статистигынан Аверенскай Александр Васильевич анаммыт. Бу сыл 1921 сыллаах бастакы колхуостааhын докумуоннара хомуллан архыыпка бэриллибиттэрэ. Биһиги улууспутугар статистика салаатын өр сыл Серафим Николаевич Кычкин, Ева Прокопьевна Борисова ситиһиилээхтик салайбыттара»,- диэн сырдатар бу салааны 20-тэн тахса сыл салайар Марина Васильева.
Статистика салаатын туһунан сиһилии «Амма олоҕо» хаһыакка ааҕаарын.
«Амма олоҕо» хаһыат