Амма улууһун култууратын тэрилтэлэрин аата кэнники сылларга элбэхтик ааттанар, иһиллэр буолла. Ордук чуолаан ааспыт биэс сылга улуус култууратын эйгэтигэр улахан хамсааһыннар тахсаннар, култуура уонна норуот айымньытын управлениетын эдэр салайааччыта Иван Иванов бэлиэтээбитинэн, үлэлииргэ бары усулуобуйа баар буолла. “Сайдарга, үүнэргэ кыах бэриллэн, ону таба туһаныахха эрэ наада”, — диэн этэр Иван Федорович.
“Чахчы да урукку сылларга култуура үлэһиттэрин хамнаһа да кыра буоллаҕына, билигин үрдээн, аны үлэлииргэ бары усулуобуйалар баар буоланнар, култуурабыт эйгэтэ олус сайынна диэн этиэххэ наада. Ону биһиги бэйэбит улууспут да холобуругар олоҕуран этиэххэ сөп. Элбэхтэн сүрүннэрин ылан кэпсээтэххэ, федеральнай национальнай бырайыактарга “Култуура” диэн салаа көмөтүнэн, биһиги материальнай-техническэй базабыт күүһүрдэ. Ол курдук Анатолий Черемных аатынан оҕо искусствотын оскуолатыгар 6,5 мөл. солкуобайга оҕо музыка өртүнэн сайдарыгар араас элбэх сыаналаах инструменнар, үөрэтэр матырыйааллар ылыллыбыттара. Ол курдук холобура нотаны үөрэтиигэ литература, музыкальнай инструменнар, ол иһигэр баяннар, гармошкалар, пианиналар, гитаралар, ону сэргэ туой оҥоһуктары хатарар-куурдар оһохтор, интерактивнай дуоскалар кэлэннэр билигин туһана сылдьаллар. Маны сэргэ өссө эмиэ “Култуура” национальнай бырайыак көмөтүнэн оскуолаҕа 11,5 мөл. солк хапытаалынай өрөмүөн барбыта. Оскуола тымныы этэ. Маныаха күүстээх өрөмүөн баран оскуолабыт саҥалыы тыыннаммыта. Тастыын уларыйан, иһирдьэ кылаастарга эмиэ тимир ааннар тураннар, аттынааҕы хостон атын тыас киирбэтин курдук тыаһы хаптатар үлэлэр бардылар.
Ити курдук эмиэ улахан өрөмүөн Аммабыт киинигэр Федот Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр барбытын бары көрбүт буолуохтааххыт. Аны өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 4 массыына кэлбититтэн биир автокулууп массыынаны Амма улууһугар аҕалбыттара эмиэ туспа ситиһии буолар. Бу күннэргэ улахан хапытаалынай өрөмүөн Абаҕатааҕы Устин Нохсоороп аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр буола турар. Бу өрөмүөн федеральнай “Култуура” национальнай бырайыак көмөтүнэн бара турар. Манна муостата, үрдэ, дьон олорор саалата барыта саҥардыллар, аныгылыы көстүүлэниэхтээх.
Балкон иҥин оҥоһуллуохтаах. Аны былырыын билэргит курдук Эмис нэһилиэгэр Екатерина Захарова-Саха Күөрэгэйэ аатынан култуура дьиэтэ “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” диэн “Үтүө дьыала” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааматынан үлэҕэ киирбитэ. Аны манна биир үөрүүлээҕэ, бу култуура дьиэтэ Эмистэн тахсыбыт улахан ааттаах олоҥхоһуттар баалларынан, өрөспүүбүлүкэ Олоҥхолорун дьиэтин биир кэлим тиһигэр киирбитэ буолар. Ол чэрчитинэн култуура дьиэтэ көмө харчы ылан салгыы бу хайысхаҕа күүстээх үлэни ыытар. Аны бу кулууп иһигэр олохтоох бибилэтиэкэ эмиэ Ил Дархан Граныгар кыттан, кыайыылаах тахсан, билиҥҥи кэмҥэ эппиэттиир модельнай бибилэтиэкэ аатын сүкпүтэ.
Билэргит курдук быйылгы сылга икки нэһилиэккэ саҥа таас кулууптар сыбаайалара түстүлэр. Ол курдук тыа сирин территорияларын кэлимник сайыннарыы федеральнай бырагырааманан Алтаҥҥа уонна Соморсуҥҥа таас кулууптар тутуллуохтара.
Уопсайынан култуура эйгэтин материальнай-техническэй өртүнэн сайыннарыыга, араас бырайыактары олоххо киллэриигэ араас таһымнаах бырагыраамалар да, Граннар күрэхтэрэ да, субсидиялар да бэриллиилэрэ баар буолан, онно Амма улууһа көхтөөхтүк кыттабыт. Дьэ ол түмүгэр ити сайдыылар бараллар. Холобура ылан көрүҥ. Улууспут 14 нэһилиэгиттэн, аҥарыгар, ол эбэтэр сэттэ нэһилиэгэр, аныгы светодиоднай экраннар бааллар. Бу эмиэ култуура үлэһиттэрин айымньылаах үлэлэрин түмүгэ. Маннык экраннар өрөспүүбүлүкэ сорох улуустарын бары нэһилиэктэригэр суох ээ. Аны култуура салалтата бэйэбит “Фонд развития культурных инициатив” диэн Арассыыйа Президенин Граныгар кыттаммыт бырайыак көмүскээн ылбыппыт. Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханын Граныгар кыттаммыт эмиэ “Ситим” диэн бырайыак оҥорон түмүктээн эрэбит. Сотору ол дьон дьүүлүгэр тахсыа, кэпсиэхпит, көрдөрүөхпүт. Түмүктээн эттэххэ, билигин бары таһымынан үлэлииргэ-хамныырга, айарга-тутарга бары усулуобуйа да баар, кыах да баар. Ону күүстээхтик туһанан, бары хайысхаларынан үлэлиэххэ наада”, — диэн Иван Федорович санаатын үллэһиннэ.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат