Соморсуҥҥа икки хонуктааҕыта эргиччи туһалаах күн ааста. Дойдуга дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо аймах сылынан Амма улууһун социальнай-правовой десана анаан үлэлээн барда. Нэһилиэк олохтоохторо бу күн элбэх мунаахсыйар боппуруостарын, биирдиилээн исписэлиистэри көрсөн быһаартардылар, докумуоннарын туттардылар. Оҕолорго идэҕэ туһаайыыга, буруйу оҥорууну сэрэтэр үлэлэр, бэсиэдэлэр ыытылыннылар.
Десаны салайааччы, Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Ньургуяна Ивановна Илларионова нэһилиэк салайааччыларын, общественниктарын кытта көрсөн Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэрин былаанын, «Чэчир» уһуйаан үбүлүөйүн, норуот айымньытын дьиэтин арыллыытын тэрээһин боппуруостарын тула кэпсэттэ. Десант үлэтин 2-с чааһыгар олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр программаҕа киирэр күрэххэ кыттар бырайыактары талыы мунньаҕа буолла. Мунньахха СӨ обществейннай палататын чилиэнэ Г.Г. Алексеев кыттыыны ылла. Геннадий Гаврильевич СӨ баар судаарыстыбаннайбырагыраамалары билиһиннэрдэ, ханнык бырайыак хайдах үбүлэниэн сөбүн быһааран, олохтоохтор элбэҕи биллилэр. Киэҥ кэпсэтии кэнниттэн, куоластааһын түмүгүнэн Амма улууһун дьаһалтатын 4 бырайыагыттан соморсуннар Амма нэһилиэгэр баанньык өрөмүөнүн уонна Амма улууһун киинигэр парковочнай миэстэни саҥардыы бырайыактарын таллылар.
Нэһилиэнньҕэ ыытыллыбыт ыйынньык түмүгүнэн, нэһилиэккэ саамай улахан кыһалҕанан дэриэбинэ иһинээҕи суоллар туруктара буолар эбит. Программаҕа киирэр бырайыагы талыыга, элбэх куолаһы ылбыт үс бырайыак куоластааһыҥҥа киирдэ. Ол курдук, М.И. Кутуков аатынан уулусса өрөмүөнэ, уулуссалар уоттарын өрөмүөннээһин, уонна аныгылыы, тупсаҕай сынньалаҥ пааркатын бырайыактартан саамай элбэх киһини долгутар М.И. Кутуков аатынан уулусса өрөмүөнэ баһыйар элбэх куолаһы ылан кыайда. Нэһилиэк олохтоохторо бу бырайыак үлэҕэ киирэригэр үбүлээһинин өйүөхпүт диэн бары сүүс бырыһыан сөбүлэстилэр.
Социальнай-правовой десант маннык быһыылаах ыытыллара тыа сирин дьонугар, чуолаан аҕам саастаахтарга олус туһалаах, улахан көдьүүстээх буолла. Түгэнинэн туһанан десаны көҕүлээбит, тэрийбит дьоммутугар, күннээҕи үлэлэрин, дьиэтээҕи түбүктэрин таһынан маннык общественнай хамсааһыҥҥа кыттыбыттарыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Надежда Белолюбская.