Билигин кылгас сайын былдьаһыктаах кэмнэрэ. Ардахтар кэннилэриттэн дьэ кураан күннэр тураннар, отчуттар күүстээхтик оту кытта мөхсөллөр, ходуһаларын бүтэрэ охсоору ыксыыллар. Атырдьах ыйын 3 күнүн туругунан улуус үрдүнэн 12368 тонна от кэбиһиллэн, былаан 38,4 бырыһыан туолла. Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов отчуттарга кэлэр нэдиэлэҕэ былааны 60 бырыһыаҥҥа тиэрдэр сорук туруорда.
“От үүнүүтэ үчүгэй. Тиэрдиллибит сорук туоларыгар эрэл баар. Билигин кураан күннэри баттаһа олох күүскэ оттуохха наада. Онон улуус үрдүнэн от былаанын кэлэр нэдиэлэҕэ 60 бырыһыаҥҥа тириэрдэргэ эттибит. Быйыл былааммыт улаатан 32000-тан тахса тоннаны оттуохтаахпыт. Бэйэбит 29000 тонанан сыл тахсабыт. Манна эбии сенаж, сиилэс бэлэмнэниллэр”, — диэн этэр Ион Семенович.
Күн бүгүн улуус үрдүнэн бэртээхэй, этэргэ диэри “оттуохха, оттуохха, өссө биирдэ оттуохха” диэбит курдук күннэр тураллар. Онон соругу толорууга бары кыахтар бааллар. Ааспыт сылы ылан көрөр буоллахха, атырдьах ыйын 3 күнүгэр 11994, 5 тонна от бэлэмнэниллибит эбит. Онон ааспыт сылтан арыый чорбойон иһэбит.
Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат