Көмө аахсыйанан 35 ыалга кыстыыр муустара тиэлиннэ

Бүгүн анал байыаннай дьайыыга сылдьар оҕолорбут төрөппүттэригэр уонна кэргэттэригэр, ону таһынан ытык-мааны кырдьаҕастарбытыгар, уопсайа 35 ыалга муус ылыытын субуотунньугар Абаҕабыт нэһилиэгин эр дьоно олус көхтөөхтүк кытыннылар. Субуотунньукка олохтоох тэрилтэлэрбит үлэһиттэрэ уонна оскуола оҕолоро биир киһи курдук таҕыстылар.

Коммунальнай хаһаайыстыбаттан салайааччы Калашников Алексей Прокопьевич, Аргунов Александр Петрович, Филиппов Тарас Николаевич, Попов Иван Афанасьевич, Нерлов Андрей Афанасьевич, Сивцев Платон Иванович, Еримеев Денис Дмитриевич, Яковлев Владимир  Эрнестович, Адамов Дмитрий Дмитриевич тохсуо буолан тахсаннар сатабылларынан сөхтөрдүлэр.

Оскуола коллективыттан директоры солбуйааччыта Белолюбскай Максим Юрьевич, Колодезников Сарыал Анатольевич, Захаров Артем Геннадьевич, Тритонов Николай Федосеевич, Сутаков Сергей Поликарпович, Лазарев Сергей Николаевич, Белолюбскай Иннокентий Юрьевич, Никифоров Юрий Гаврильевич ахсыа буолан кыттаннар түмсүүлээхтэриҥ көрдөрдүлэр.

Баһаарнай чаастан салайааччы Дьячковский Александр Павлович, Гоголев Егор Алексеевич, Белолюбскай Алексей Михайлович, Осипов Афанасий Поликарпович, Устинов Антон Матвеевич бэһиэ буолан кыттаннар төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээхтэриҥ биллэрдилэр.

Устин Нохсоров аатынан духуобунас кииниттэн Максимов Максим Устинович, Третьяков Константин Васильевич, олохтоох дьаһалтаттан Павлов Кирилл Иннокентьевич, Артемьев Тимур Гаврильевич, олохтоохтортон Гоголев Алексей Алексеевич, Старостин Иннокентий Константинович, Кириллин Илья Семенович тэрээһиннээхтик кытыннылар.

Оскуола 8 кылааһын оҕолоро Попов Александр, Аргунов Айыллаан, Никитин Антон, Николаев Алеша, Яковлев Володя, Емельянов Мичил, Лазарев Миша, Бурнашев Антон, Бурнашев Коля тохсуо буолан, кыайыыга дьулуурдарынан күүстээх көмөнү оҥордулар.

 

Абаҕаны иитэн-аһатан олорор, баар-суох суоппардарбыт Гоголев Егор Алексеевич, Аргунов Александр Петрович, Попов Иван Афанасьевич, Сутаков Сергей Поликарпович, Лазарев Сергей Николаевич, Кириллин Илья Семенович алта массыынанан, уон биэс анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна сүүрбэ кырдьаҕас ыалга муус тастылар.

Субуотунньуктарга солбуллубат дружбиспыт, дьонун-сэргэтин ытыктабылын ылбыт Нерлов Андрей Афанасьевич, оскуола эрэллээх электригэ Никифоров Юрий Гаврильевич, дэгиттэр спортсмен баһаарнай сулууспа үлэһитэ Устинов Антон Матвеевич отут биэс ыал мууһун эрбээн биэрдилэр.

Сарсыарда 10 чаастан күнүс 14 чааска диэри ыытыллыбыт үлэҕэ 24 эр киһи уонна 8 оҕо, 35 ыалга муустарын ылан, тиэйэн, аһары тэптэрэн сорохторго эбии сааһылаан биэрдилэр.

Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ диэн, мындыр өбүгэлэрбит маны этэн эрдэхтэрэ.

Түмүккэ бүгүн муус ылыытыгар кэлэн үлэлэспит туйах хатарар уолаттарбытыгар, убайдарбытыгар-бырааттарбытыгар, аҕаларбытыгар-эһээлэрбитигэр, Абаҕабыт эр дьонугар, дьоммут-сэргэбит уонна олохтоох дьаһалта аатыттан барҕа махталбытын биллэрэбит. Өрүүтүн маннык түмсүүлээх уонна кыайыылаах-хотуулаах буолуҥ диэн, бүгүн көмөнү ылбыт ыалларбыт баҕа санааларыҥ уонна алгыстарыҥ тиэрдэбит.

Бүгүҥҥү субуотунньукка кыттыбыт уолаттар, бар дьоммутугар туһаны оҥорон, саастаах дьоммут алгыстарыҥ ылынан, үтүө үтүөнэн эргиллэр диэн кынаттаах тылларга уйдаран астынан-дуоһуйан таҕастылар.

Бойуот уола Айылгын, Абаҕа.

Читайте дальше