«Көмүс күһүн бэлэҕэ» атыы-эргиэн дьаарбаҥката сэргэхтик ааста

В.Г.  Короленко аатынан Амма 1-кы  нүөмэрдээх орто оскуолатыгар күһүҥҥү атыы-эргиэн дьаарбаҥката өрө көтөҕүллүүлээхтик, олус сэргэхтик ыытылынна. Бу тэрээһин Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр  элбэх киһини түмэн буолла. Фойе иһэ толору астаах остуолларынан тардыллан, кэлбит эрэ киһи бары тутуурдаах бардылар.

“ «Көмүс күһүн» атыы-эргиэн  дьаарбаҥкатыгар оскуола  бары кылаастара, төрөппүттэр, учууталлар көхтөөхтүк кытыннылар. Быйылгы дьаарбаҥкабытыгар икки акция биллэрилиннэ. Ол курдук, биһиги оскуолабыт үөрэнээччилэрин аҕалара  анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьалларынан сибээстээн, оҕолоругар уонна дьиэ кэргэннэригэр күүс-көмө буоламмыт киирбит харчыттан көмө оҥоруу уонна оскуолабыт Саҥа дьыллааҕы харыйатын саҥардыыга көмөлөһүү. Элбэх төрөппүт, оҕолор бу тэрээһиннэ кытталларын көрөн киһи үөрэр. Култуура дьиэтигэр  тобус-толору дьон  тоҕуоруһан, бары да дьаарбаҥкаҕа  күүстээхтик  бэлэмнэммиттэрэ  көстөр. Түгэнинэн  туһанан төрөппүттэрбитигэр, оҕолорго, учууталларга оскуола  салалтатын  аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит. Быйылгы үөрэх дьылыгар 32 кылаас баарыттан 28 кылаас кэлэн кытынна. Ортотунан кылаас аайы 25-30  көрүҥ ас арааһа атыылана турар. Маннык тэрээһин билиҥҥи бизнес сайдыытын кэмигэр оскуолабыт бизнес инкубаторын сайыннарыытын чэрчитинэн ыытыллар. Оҕолор бизнеска сыстаҕас буолууларын сайыннаран, бэйэ онорон таһаарбыт бородууксуйаларын атыылыы, атыылыыр сирдэрин киэргэтэ, табаардарын тупсаҕай көрүҥнүү үөрэнниннэр диэн, сыаллаах-соруктаах сылын ахсын бу курдук тэрээһин ыытыллар. Төрөппүттэрбитигэр, оҕолорго инниккитин даҕаны кыттыахтара диэн эрэнэбит «, — диэн оскуола педагог-тэрийээччитэ Татьяна Петрова санаатын үллэһиннэ.

«Сыл ахсын бастакы кылаастан саҕалаан бу тэрээһиҥҥэ үгэс курдук кылааспытынан кыттабыт. Бу тэрээһин куруутун өрө көтөҕүллүүлээхтик, үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытыллар. Дьону кытта алтыһарга, кэпсэтэргэ, атыылыырга үөрэнэбит. Харчыны сөпкө суоттуурга көмө буолар. Быйыл бастакыбытын кулуупка кэлэн нэһилиэнньэ иннигэр атыылыы турарбыт кэрэхсэбиллээх. Бары кылаастар атыылыыр сирдэрин тупсаҕай гына араас ис хоһоонноон оҥостубуттар, киэргэппиттэр. Ас элбэҕэ, атыылаһааччы дьон тоҕуоруһа мустубута наһаа үчүгэй!», — диэн этэр, 11 “а “ кылаас үөрэнээччитэ  Айсена Попова.

«Кылааспытыгар 21 оҕо үөрэнэр. Бары көхтөөхтүк кыттыыны ыла сылдьабыт. Төрөппүттэрим көмөлөрүнэн быйылгы  атыылыыр миэстэбит ис хоһооно «Америка ковбойдара» диэн. Бары ковбойдар курдук таҥнан-симэнэн кэлэн турабыт. Уопсайа 38 көрүҥ астаахпыт, оҕолор бэйэлэрэ атыыһыттыы тураллара хайҕабыллаах. Төрөппүттэрбитигэр, атыылаһааччыларбытыгар махталбытын тиэрдэбит!», —  диир  7 “б”  кылаас салайааччыта Лариса Заборовская.

Маны сэргэ бэйэлэрин санааларын дьаарбаҥкабытын көрө кэлбит олохтоохтор эмиэ үллэһиннилэр.

Наһаа үчүгэй тэрээһин. Бары олус үчүгэйдик бэлэмнэммиттэр, астарын арааһа олус элбэх, киһи баҕарбыта барыта баар. Мин икки кыыһым иккиэн бу оскуоланы бүтэрбиттэрэ. Куруутун маннык күһүҥҥү атыы-эргиэн дьаарбаҥкатыкар кыттар этилэр. Ол эрээри бу быйыл оһуобай үчүгэйдик буола турар диэн сэҥээрдим, нэһилиэнньэҕэ тахсыбыттара олус үчүгэй диэн бэлиэтии көрдүм. Биһиги атыылаһааччылар эмиэ  анал байыаннай дьайыыга  сылдьар аҕалардаах ыалларга күүс-көмө буоллубут, бэйэбит сэмэй кылааппытын киллэрдибит диэн үөрүүбут үгүс«, — диэн  Марианна Васильевна Филатова  санаатын эттэ.

Вера ЧУПРОВА, Каролина СУТАКОВА,

 9 “а”  кылаас үөрэнээччилэрэ, оскуола  “АеСеШник”   хаһыатын корреспонденнара

Читайте дальше