Көҥүлэ суох өртөөһүнтэн сэтиэнэх умайыыта таҕыста

Күһүн буолбутун кэннэ, баһаардар сезоннара сабыллыбыттарын үрдүнэн  сэтиэнэх умайыылара бэлиэтэннилэр. Ол курдук күн бүгүн Амма улууһа саамай элбэх баһаар туочукалаах улуус буоллубут.

Бүгүн бу боппуруоһунан  СӨ экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ ВКС мунньах ыытта. Манна  улуус баһылыга Степан Кузьмин, улуустааҕы ЫБМ хамыһыйатын бээссэдээтэлин солбуйааччы Эдуард Прокопьев уонна Амматааҕы ойуур хаһаайыстыбатын салайааччытын солбуйааччы Геннадий Михайлов кыттыыны ыллылар. Мунньахха улууска сэтиэнэх от умайыыта элбээбитин, ону туоратарга эттилэр уонна нэһилиэк баһылыктарын мөлтөх үлэлэрин, хонтуруол намыһаҕын бэлиэтээтилэр.

“Дьон туох да көҥүлэ суох өртөөһүнү ыытан улууспутугар 30 кураанах сэтиэнэх от умайыытын түбэлтэтэ бэлиэтэннэ. Билэргит курдук сааскы да, күһүҥҥү да өртөөһүн булгуччу бобуллан турар. Кураан күннэргэ мантан сылтаан ойуур баһаара тахсар кутталлаах. Бүгүҥҥү туругунан 30 туочукаттан 7 термотуочука хаалла. Уопсайа 1000-тан тахса гектар сир умайда. Онон өссө төгүл олохтоохторго туһаайан этэбит. Өртөөһүн булгуччу бобуллар. Ол түмүгэр улахан баһаар тахсар түбэлтэтигэр холуобунай эппиэккэ тардылларгытын  санатабыт. Өртөөһүнү ыыппыт буруйдаах дьон административнай эппиэккэ тардыллыахтара”, — диэн эттэ улуустааҕы ЫБМ хамыһыйатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Эдуард Прокопьев.

 “Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше