Аны сайын буолуохтаах өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэтин хамыыһыйатын бэрэссэдээтэллэрэ, чилиэннэрэ Аммаҕа тахсан үлэлээтилэр. Тэрээһин мунньах улуус дьаһалтатын дьиэтиттэн саҕаланна. Бу кэнниттэн салааларынан арахсан сүбэлэһии, дьүүллэһии, торумнаһыы барда.
Дьокуускай куораттан кэлбит дэлэгээссийэни “Олоҥхо Ассоциацията” өрөспүүбүлүкэтээҕи салаа бэрэсидьиэнэ Феврония Шишигина салайан илдьэ кэллэ. Тэрээһин мунньах бастакы чааһын улуус баһылыга Степан Кузьмин салайан ыытта. Степан Николаевич бэлиэтээбитинэн ыһыах сүрүн тутуулара, 22 эбийиэк тутуулара саҕаламмыттар. Контрактар барытта баттаныллан, күн-дьыл сылыйда да пааркаҕа үлэлэр барыахтаахтар. Ыһыаҕы ыытыы аҥардас Амма эрэ улууһун эбээһинэһэ буолбакка, бары көмөлөөн ыытар тэрээһиммит буолар. Онон бары түмүстэхпитинэ кыайыахпыт диэн эттэ. Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, “Олоҥхо ассоциациятын” салайааччыта Нюргуяна Илларионова ыһыахха бэлэмнэнии бу олунньу ыйтан күүстээхтик саҕаланна, эппиэтинэстээх кэмҥэ диэри 136 эрэ күн хаалла диэн этэн туран, бары көхтөөхтүк турунуоҕун уонна бэйэ бэйэбитин ыкса билсэн үлэлиэҕин диэн туран, кэлбит дэлэгээссийэни билиһиннэрдэ, ким ханнык боппуруостарга эппиэтинэстээҕин чопчулаата.
“Амма ыһыаҕа ураты суолталаах буолла. Тоҕо диэтэр бу кэнниттэн ыытыллар ыһыахтар хоту уонна промышленнай улуустарга ыытыллаллар. Онон Аммаҕа ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа иккис эргиир уон сылга сахалар түөлбэлээн, уутуйан олорор улуустарыгар бүтэһик ыһыах курдук. Итини сэргэ Амма улууһа чугас сытарынан киһи бөҕө тоҕо анньан кэлиэҕэ. Ааспыт Өймөкөөн улууһун ыһыаҕа уос номоҕо, кэрэ кэпсээн буолан, дьон-сэргэ Олоҥхо ыһыаҕар интэриэһэ улаатан иһэр. Ол иһин тэрийээччилэр сөпкө бэлиэтээтилэр, бу аммалар эрэ ыһыахтара буолбатах. Эппиэтинэс олус улахан. Бу ыһыах көрдөрүүлээх ыһыах буолуохтаах. Тоҕо диэтэр бастакы Олоҥхо ыһыаҕын кэнниттэн иккис уон сылын түмүктэниитэ. Бу кэнниттэн боппуруос турар. Салгыы үһүс уон сыл барар дуу, барбат дуу диэн. Элбэх мунньах буолан ааста. Онно Александр Николаевич Жирков ыһыах ис хоһоонугар улахан болҕомтото уурун диэн этэн сорук туруорбута. Ыһыах аҥардас күрэх эрэ буолбакка, дьон-сэргэ кэлэн түмсэр, санаа атастаһар сирэ буолуохтаах. Кэнники сылларга идеологическай суолтата үрдээтэ. Саха норуотун төрүт култууратын илдьэ сылдьар дьон ыһыахха ананан ыытыллар кэмпириэнсийэлэртэн саҕалаан түмсэн сүбэлэһэр түһүлгэлэрэ бу Олоҥхо ыһыаҕа буолла. Манна биһиги ханнык таһымҥа тиийбиппитин ырытан көрөбүт, түмүктэри ылынабыт. Ону кытта инникини анаарабыт. Онон ыһыахтар сыллата кэҥээн, тэнийэн иһэллэр. Быйыл Аммаҕа чороон, туой, кырыымпа уратыларыгар болҕомтону уураары сылдьабыт. Кулун тутарга ыытыллыахтаах кэмпириэнсийэбит аата “Ысыах олоҥхо в Амге: эпос, диалог поколений, взгляд в будущее” диэн ааттаах. Ол эбэтэр биһиги улахан болҕомтобутун оҕолорбутугар күүскэ ууран, оҕо түһүлгэтин олус үчүгэйдик үлэлэтиэхтээхпит”, — диэн Февронья Васильевна санаатын тириэртэ.
Көһө сылдьар тэрээһин мунньах кыттыылаахтара, улуустааҕы бибилэтиэкэҕэ, түмэлгэ сырыттылар. Улуус култууратын управлениетыгар ыһыах ыытыллыытын сценарийын дьүүллэстилэр, уустары, алгысчыттары кытта үлэлэстилэр, түһүлгэни киирэн көрдүлэр. Дьокуускайтан кэлбит дэлэгээссийэ састаабыгар Саха судаарыстыбаннай циркатын дириэктэрэ, ыһыах кылаабынай режиссера Сергей Расторгуев, Олоҥхо ыһыаҕын көрсө тахсар кинигэлэргэ үлэлэһэр Юрий Борисов, ыһыах сценариһа Саргылана Гольдерова — Саргы Куо, ону сэргэ “Чороон XXI үйэ” тэрилтэ салайааччыта Софья Попова, норуот маастара Афанасий Лопатин, Хомус түмэлин дириэктэрэ Дмитрий Бястинов, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэ ресурснай-бырайыактыыр салаатын режиссера Саргылана Адамова уонна да атыттар бааллар.
“Амма олоҕо” хаһыат