Кэрэчээн сибэкки аатынан алгыстаммыт Сардаана лидер кыргыттар күрэхтэрин кыайыылааҕа

Сандал сааспыт бастакы күнүн көрсө Бөтүҥҥэ ыытыллыбыт, Ийэ дойдуга уһулуччу бэриниилээх буолуу холобурун көрдөрбүт, алгыстаах Амма киэн туттар салайааччыта Прасковья Емельянова төрөөбүтэ 60 сылыгар аналлаах «Кыыс Чөмчүүк» өрөспүүбүлүкэтээҕи лидер кыргыттар күрэхтэригэр муҥутуур кыайыылаах аатын Сардаана Сутакова сүгэн биир дойдулаахтарын үөртэ-көтүттэ, Алтанын харыс үрдэттэ.


Сардаана үөрэнээччилэри салайа тутар, ыытыллар тэрээһиннэргэ эппиэттээх Алтан орто оскуолатын бэрэсидьиэнэ буолар. Бэйэтин аатыгар дьүөрэлии сып-сырдыгынан унаарыччы көрбүт кыысчаан төһө да бэрт сэмэй, нарын көрүҥнээх буоллар, ылыннарыылаах тыллаах, санаабытын ситиһэр, эппитин энчирэппэт, саҥаҕа-сонуҥҥа тардыһар, салайар-көҕүлүүр сатабыллаах. Аҕатын өттүттэн аллар арыы алаастардаах, субуллар Суола үрэх ыһытыыр баһыгар түөлбэлэммит Алтантан айдарыылааҕа, ийэтин өттүттэн Дыгын дойдута ытык Хаҥалас улууһун Улуу Эркээни хочотуттан арчыламмыта ис кутугар бэриллэ сырыттаҕа.

Сардаана  алаадьы саҕа күн күлтэйэн, ып-ыраас күөх халлаан килэйэн, сайын сатыылаан турар кэмигэр бэс ыйыгар 2007 сыллаахха кыптыый кыбыныылаах кыыс оҕото буолан бу орто дойдуга кэлбитэ. Кыратыттан барыга-бары дьоҕурдааҕа биллибитэ. Ол курдук, эһээтиттэн бэриһиннэрбит талаана дуобакка арыллан, өссө уһуйаан саҕаттан өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы үрдэли ылбыта. Араас таһымнаах күрэхтэргэ кыттан 2020 сылга дуобакка бастакы спортивнай разряды ылары ситиспитэ. Оскуолаҕа киириэҕиттэн араас олимпиадаларга, күрэхтэргэ кыттан инники күөҥҥэ сылдьар, сатабылын сыллата сайыннаран, билиитин чиҥэтэн иһэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ архитектурнай олимпиада-күрэх кыайыылааҕа, черчениеҕа иккис үрдэллээх. Сардаана үөрэҕин таһынан эти-сиини сайыннарар сыаллаах волейболга, саанан ытыыга, остуол сахалыы оонньууларыгар дьарыктанар, кэккэ ситиһиилэрдээх. Дьон ортотугар тутта-хапта сылдьарга көмөлөөх ырыаҕа-үҥкүүгэ уһуйуллан сыанаҕа элбэхтэ тахсар, кэнсиэрдэргэ кыттар.

««Кыыс Чөмчүүк» күрэххэ «Үлэ аргыстаах эдэр сааскын кэпсээ» медиа бырайыагы билиһиннэрдим. Бу бырайыагы нэһилиэк таһымыттан өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ сырдаппыт, киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт ааптардарынан уонна көҕүлээччилэринэн биһиги Алтаммыт Далбардара Наталья Борисова уонна Римма Дьячковская буолаллар. Бырайыак сүрүн сыалынан ааспыт үйэ 50-60-70-80 сс. кэмнэригэр улууспут, нэһилиэкпит социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрбит ол саҕанааҕы ыччаттары, тыа сирин үлэһит дьонун үйэтитии буолар. Бу сыалы ситиһэргэ биһиги – эдэр көлүөнэ ситими олохтоон, видеонан архыып матырыйаала хомуйарга былаан оҥоһуннубут. Оскуола медиа киинин нөҥүө архыыппыт таҥыллан көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр нэһилиэстибэ буолуоҕа. Биһиги саҕалаабыт көлүөнэлэр икки ардыларынааҕы ситиммит саһарҕаланан Амма нэһилиэктэринэн, атын улуустарынан тарҕанан иһиэҕэ диэн бүк эрэллээхпит. Сыл саҕаланыыта Аммаҕа ыытыллыбыт бүтүн Арассыыйатааҕы «Бастыҥнар хамсааһыннара» муниципальнай кэрдииһигэр бу бырайыакпытынан биһирэммиппит. Күрэххэ кыттыбыт кыргыттар бары олус күүстээх бэлэмнээх этилэр. Кинилэр хайдах тутта-хапта, көрө-истэ сылдьалларыттан бэйэбэр холобур ылыммытым. Олус диэн туһалаах күрэх дии санаатым, элбэҕи биллим көрдүм. Кырдьыгынан  эттэххэ, күрэх бүтэһигэр диэри кыайыам дии санаабатаҕым да буоллар, испэр эрэл кыыма баара. Түгэнинэн туһанан улуус кэрэ аҥаардарын, эйэҕэс эбэлэри, иһирэх ийэлэри, кэрэчээн кыргыттары Сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин. Баҕарыам этэ кытаанах доруобуйаны, таптыыр дьыалаларыгар үрдүк ситиһиилэри. Баҕарбыттара сатанан истин уонна кэрэ сибэкки курдук тылла-тупса турдуннар», — диэн Сардаана баҕа санаатын тириэрдэр.

Кэрэчээн сибэкки аатынан алгыстаммыт Сардаанабыт ситиһиллибиккэ тохтоон хаалбакка өссө үрдүк үрдэллэри дабайан иһиэ диэн бүк эрэнэбит.

Татьяна АТЛАСОВА

Читайте дальше