Килбиэннээх үлэлээх салайааччы аата үйэлэргэ барар

Болугур нэһилиэгэр Аҕа сылынан нэһилиэк дьаһалтатын, аҕалар түмсүүлэрин, оскуола оҕолорун, култуура киинин көҕүлээһининнэринэн, алтынньы ый маҥнайгы күнүгэр, аҕам саастаах дьон декадаларын чэрчитинэн, учуутал күнүн көрсө, сылын аайы ыытыллар «Зоя хатыҥнара» экологическай бырайыак салҕанан, нэһилиэк дьоно, эдэр ыччата кыттан, нэһилиэкпит куруук сайда, күөх чэлгийэ турдун диэн, хатыҥ мастары олортулар.


Бу экологическай бырайыакпыт, Амма улууһун Болугур нэһилиэгэр 1965 — 1974 сылларга Болугур нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит, олохтоох Сэбиэттэр исполкомнарын бэрэссэдээтэллэрин Бүтүн Россиятааҕы бастакы Сүбэ мунньахтарын кыттыылааҕа, 3 төгүл республика нэһилиэктэрин Сэбиэтин куоталаһыытын кыайыылааҕа буолан, Болугур нэһилиэгэ көһө сылдьар Кыһыл Знамянан наҕараадаланарын ситиспит, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээллээх улахан салайааччы, ытыктыыр киһибит Зоя Тимофеевна Аммосова сырдык аатын, үтүө үлэтин үйэтитии буолар. Бырайыак ааптарынан өр сыл нэһилиэк баһылыгын солбуйааччынан үлэлээбит, билигин түмэл үлэтин сүрүннүүр Сахаяна Кожурова буолар.

Нэһилиэкпит уопсай көстүүтүгэр көҕөрдүү үлэтэ улахан суолтаны ылар. Ааспыт үйэ 60-с сылларыгар нэһилиэкпит ытыктанар киһитэ, республикаҕа, оройуоӊӊа салайааччы быһыытынан үрдүк сыанабылы ылбыт Зоя Тимофеевна бэйэтэ лесник идэлээх буолан, дэриэбинэҕэ көҕөрдүү үлэтин күүскэ ыыппыта. Кини хас биирдии ыал дьиэтин олбуоругар мас, талах олордуутун күүскэ ирдээн, күн бүгүӊӊэ диэри ол мастарбыт дэриэбинэбит биир кэрэ көстүүтэ буолан суугунаһа тураллар.

Бу күн нэһилиэк баһылыга Петров Андрей Никитич, ийэлэрин Зоя Тимофеевнаны ахтан, кыыһа Аммосова Мария Николаевна, ону тэҥэ Болугур нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, култуура бэтэрээнэ Клавдия Кузьминична Ноговицына эҕэрдэ тыллары этэн, үтүө холобуру үйэтитин диэн түмүктээтилэр. Сыл ахсын ыытыллар «Зоя хатыҥнара» экологическай бырайыакка тэрилтэнэн, түөлбэнэн, биирдиилээн ыалынан, нэһилиэкпит сквердэригэр мас олордуута ыытылла турара олус кэрэхсэбиллээх. Эдэр көлүөнэ ыччаппыт холобур гынан, бу бырайыакпыт салҕыы салҕана туруо диэн эрэнэбит.

Евдокия Платонова.

Читайте дальше