Коллекционердар уопуттарын атастастылар

Амма Наахара нэһилиэгин коллекционердара улууска биир тэрээһиннээх, уопуттаах түмсүүлээхтэринэн биллэллэр. Улуус аҕам саастаахтара түмсэр лааҕырдарыгар бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрдилэр, уопуттарын атастастылар.

 Амма Наахара нэһилиэгэр Амма улууһун аҕам саастаахтара сынньалаҥнарын атаарар  «Ситим — 23» сынньалаҥ лааҕыра иккис сылын  үлэлиир.  Бүгүн, от ыйын 6 күнүгэр,  нэһилиэк «Эгэлгэ»  диэн коллекционердар түмсүүлэрэ бэйэлэрин мунньубут коллекцияларын көрдөрдүлэр. Манна даҕатан эттэххэ, соторутааҕыта Болугур нэһилиэгэр буолан ааспыт улуустааҕы коллекционердар ыһыахтарыгар эгэлгэлэр бэрт ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ. Ол курдук “Эбээ кэтэһэр ыһыаҕы, саҥа былаат баанаары” диэн былаат быыстапкатыгар сылабаарга чэй өрүү  күрэҕигэр бастакы,  сиидэс былаат баанан уобарас көрдөрүүгэ эмиэ бастакы, түмсүү чилиэнэ Розалия Устинова сөтүө таҥаһын былаатынан киэргэтиигэ эмиэ бастакы миэстэни, Матрена Макарова былаат күрэҕигэр үһүс миэстэни ылбыттара. Дьэ аны улуус араас нэһилиэктэриттэн кэлбит аҕам саастаахтары кытта бэртээхэй көрсүһүү тэрийэн сэргэхситтилэр.

Лааҕыр сынньанааччылара  коллекциялары көрөн астыннылар.  Ретро быыстапканы көрөн уруккуну санаатылар. Чэрэниилэнэн суруйар ручканы көрөн, “манан суруйбуппут ээ” дэстилэр, подстаканчиктаах ыстакаанынан чэй иһэн, кыраһыын лампаны туттан  уруккуларын-хойуккуларын санаан аастылар. Коллекционердар үлэлэрин көрөн сэргээтилэр, чахчы да мунньуу, хомуйуу элбэх үлэлээҕин, хас биирдии экспонат тус-туһунан историялааҕын бэлиэтээтилэр, астыннылар. Инникитин өссө үүнэ-сайда, коллекциялара элбии-үксүү турарыгар баҕардылар. Кэрэ айылҕалаах Кыыс Амма Өлгөм Өнньүөс сиригэр-уотугар  кэлэн ыраас салгынынан тыынан,сырдык-сылаас уутугар дуоһуйа сөтүөлээн, күүс-уох ылан сынньанан, бэйэлэрин  саастыылаахтарын кытта ирэ-хоро кэпсэтэн кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ иһирэхтик ахтыахтра турдаҕа”, — диэн “Эгэлгэ” коллекционердар түмсүүлэрин салайааччыта Лариса Унарова сырдатта

Читайте дальше