Болугур нэһилиэгин «Колосок» уһуйааныгар «Оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору сахалыы тыынынан иитиигэ «STEAM-технологияны туһаныы» диэн улуус таһымнаах семинар буолан ааста.
STEAM-үөрэхтээһин федеральнай үөрэх ирдэбилигэр эппиэттиир аныгы хайысха. Бу үөрэх хайысхата оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору айылҕаны чинчийиигэ, ахсаан уонна инженерия хайысхаларын дириҥэтэн үөрэтэргэ кыах биэрэр. «Колосок» уһуйаан “STEAM-үөрэхтээһини” туһаммыта номнуо 5 сыла. Υгэскэ кубулуйбут аһаҕас уопут-атастаһыы семинарыгар быйылгы сылга “STEAM-технологияны” сахалыы тыыннаан, аныгы үйэ гаджетттарын көмөтүнэн оҕону сахалыы эйгэҕэ иитии туһунан, кырдьык даҕаны, сонун хайысханы “Колосок” уһуйаан педагогтара кэпсээтилэр.
Семинарга ыҥырыылаах ыалдьыт буолан, бэйэтин сыанабылын биэрэ Амматааҕы үөрэх салалтатын сүрүн испэсэлииһэ Эмма Валерьевна Давыдова, ону таһынан Амматааҕы оҕону сайыннарар кииннэр «Радуга», “Сардаана”, «Кэнчээри», Өнньүөстэн «Дуораанчык», Мээндигиттэн «Туллукчаан» уһуйааннара, Соморсунтан «Чэчир», Бөтүҥтэн «Мичээр» оҕону сайыннарар кииннэр кыттыыны ыллылар.
«Колосок» уһуйаан урут-уруккаттан иитиллээччилэригэр сахалыы тыыны, сахалыы тыл сүмэһинин, кэрэтин, сиэри-туому иҥэрэргэ күүстээхтик, туох баар кыаҕын ууран туран үлэлэһэр. Бу үлэҕэ төрөппүт оруола улахан суолталаах, кинилэр өйөбүллэрэ ођону сахалыы эйгэҕэ иитэргэ-үөрэтэргэ төһүү күүс-көмө буолар. Ол сиэринэн улуустааҕы семинар оҕолору сахалыы тыынынан иитиигэ «STEAM-технологияны туһаныы» ньыматын толору арыйарга кыһанна, педагогическай састаап семинар ыалдьыттарыгар сиһилии кэпсээтэ, билиһиннэрдэ.
Сарсыарда 10 чаастан ыалдьыттары дьүрүһүйэр хомус тыаһынан уһуйаан муусукаҕа уһуйааччыта Юлия Горохова уонна кыл кырыымпа кэрэ тыаһынан М. А. Ноговицын аатынан култуура киинин сүрүннүүр испэсэлииһэ Едокия Платонова көрүстүлэр, алгыстаах алаадьынан уһуйаан үлэһиттэрэ күндүлээтилэр.
Ыалдьыттар бары муусука саалатыгар мустубуттарын кэннэ бэлэмнэнии бөлөх оҕолоро «Музыка эйгэтэ» диэн истиҥ ырыаны бэлэхтээтилэр. Ону тэҥэ, быйыл уһуйаан 65 сылыгар анаан төрөппүттэр көмөлөрүнэн оҥоһуллубут аниматор маскаларын кэтэн, уһуйаан үлэһиттэрэ кырачааннарбыт аттыларыгар үҥкүүлээн, оҕолору өйөөтүлэр. Чахчы бөлөхтөр аатттарын сүгэр символлар Сардаана, Ньээм-ньээм, Ньургуһун кыргыттар уонна Чуораанчык, Куоласчаан уолаттар илэ бэйэлэринэн кэлбиттэрин курдук этэ! Салгыы семинар кыттыылаахтарын «Колосок» уһуйаан сэбиэдиссэйэ Марфа Афанасьева уонна Амматааҕы үөрэх салалтатын сүрүннүүр испэсэлииһэ Эмма Давыдова эҕэрдэ тылларын эттилэр. Онтон «Колосок» уһуйаан сэбиэдиссэйин иитэ-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччыта Анна Тихонова «Стем-үөрэхтээһин» туһунан билиһиннэрдэ.
Салгыы «Фрёбель уонна ахсаан набордарын нөҥүө оскуола иннинээҕи оҕолорго сахалыы тыыны иҥэрии» диэн үлэлэрин уопуттаах иитээччилэр Надежда Мухина уонна Саргылана Кононова сырдаттылар.
Ол кэннэ цифровой мультстудия туһунан уһуйаан оҕолор сөпкө саҥаралларын эрчийэр логопед-учуутал Мотрена Андреева уонна бибилэтиэкэр Марианна Егорова сырдаттылар. Кинилэр П. А. Ойуунускай 130 сааһыгар анаан кырачааннарга «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо дьоруойдарын саҥардан бэртээхэй мультик оҥорбуттар. Онтон бэлэмнэнии бөлөх иитээччилэрэ Елена Петрова, Ольга Петрова уонна «Сардаана» бөлөх иитээччитэ Анна Дьячковская “Бурдуктаах Болугур” диэн тиэмэҕэ легоконструирование, робототехника уонна экспериментирование “Стем-үөрэхтээһин” муодулларыгар төрөөбүт кыраайы чинчийиини хайдах дьүөрэлээн үлэлииллэрин туһунан билиһиннэрбиттэрэ.
Эбиэт кэннэ оҕону иитэр-үөрэтэр үлэҕэ сэбиэдиссэйи солбуйааччы Анна Тихонова, тумус туттар, «Колосок» уһуйааҥҥа өр сылларга иитээччинэн, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит, уһуйаан сайдарын туһугар элбэх сыратын-сылбатын уурбут, Анна Петровна Куличкинаҕа, Арассыыйаҕа “Педагог уонна уһуйааччы”, Саха сиригэр “Үлэ сыла”, Амма улууһугар “Саха норуотун утума уонна төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу” сылларыгар анаан, ону таһынан “Колосок” уһуйаан 65 сыллаах үбүлүөйүнэн “Патриотиеское воспитание детей дошкольного возраста” электроннай хомуурунньук оңоһуллубутун туһунан кэпсээтэ. Бу хомуурунньук ис хоһоонугар киирбит бэйэлэрин үлэлэрин уопутун тарҕаппыт иитээччилэр быыстарыгар биһириэбиллээхтэри уһуйаан салайааччылара бэлиэтээтилэр. Ол курдук “Кэнчээри” оҕону сайыннарар киин иитээччитэ Кривогорницына Оксана Сорокгодовна “Лучший автор произведения” анал аат хаһаайката буолла, олохтоммут 2000 солк. суумалаах бириис туттарылынна. “Лучшая разработка дидактического пособия” анал ааты Давыдова Александра Ивановна уонна Колтовская Софья Анатольевна ыллылар. Кинилэр эмиэ бириис туттулар. “Лучшая методическая разработка по патриотическому воспитанию” анал аат “Чэчир” оҕону сайыннарар киин иитээччилэригэр Ларионова Елена Ивановнаҕа уонна Новикова Татьяна Васильевнаҕа туттарылынна. Кинилэргэ “Колосок” уһуйаан попечителлэрэ, Анна Петровна Куличкина аатын үйэтитэр кини кыргыттара 10000 солк. харчынаан бириис туттардылар.
Түмүккэ санаа атастаһыыта буолла, онно уһуйаан уйулҕатын үлэһитэ Сайыына Пермякова семинар туһунан санаа атастаһыытын тэрийдэ. Кэлбит ыалдьыттар бары санааларын үллэһиннилэр, баҕа санааларын эттилэр. Иитээччилэр уһуйааҥҥа төрөппүттэри кытта күүстээх үлэ барарын, ону тэҥэ, нэһилиэк тэрилтэлэрин кытта ыкса ситимнээхтик үлэлииллэрин сөҕө, бэлиэтии көрдүлэр. Сахалыы тыыннаан “Стем-технологияны” туһанар ньымаларын хайҕаан, уһуйаан эйгэтэ тупсаҕайын туһунан санааларын үллэһиннилэр. Эмма Давыдова иитээччи лабораторията “STEAM-үөрэхтээһини” сахалыы тыыннаан, уопуттарын атастаһан улуус иитээччилэрин элбэххэ үөрэтэллэрин бэлиэтээн эттэ. Инникитин өссө сайда туралларыгар, сахалыы ойуулукка (мультикка) күүскэ үлэлэһэргэ туһалаах сүбэлэри биэрдэ.
Семинар үрдүк таһымнаахтык ааста. Кэлбит эрэ ыалдьыт бары уһуйаан тупсаҕайыттан, киэркэйбититтэн сөҕөн бардылар, семинарга кэпсэммит үлэлэртэн таба тайанан, инникитин туһаныахтара диэн эрэнэбит. Уһуйааммыт тупсаҕай көстүүлээх буоларыгар күүс-көмө буолбут уһуйаан бары үлэһиттэригэр, төрөппүттэригэр, спонсордарыгар барҕа махталбытын тириэрдэбит! Аныгы көрүүлээх эдэр салайааччыларга өссө үрдүк, таһаарыылаах үлэни баҕарабыт!
Вера Никифорова.