Командировка сыалын-соругун ситтэ

Амма улууһун дьаһалтатын делегацията Украина сиригэр сулууспалыы сылдьар биир дойдулаахтарыгар гуманитарнай көмөнү тиэрдэр сыаллаах командировката түмүктэннэ. Уопсайа 60-ча саллаат дойдуларыттан баһыылкалары туттулар.

Улуус баһылыгын маҥнайгы солбуйааччы Василий Бураев, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов, Соморсун нэһилиэгин баһылыга Алексей Кононов биир нэдиэлэ устата Донецкай, Луганскай уонна Запорожье уобаластарыгар үлэлээтилэр. Барыта холбоон Амматтан сылдьар 60-ча байыаһы кытта көрсөннөр кинилэр сайаапкаларынан туттар техническэй маллары, ол иһигэр икки матасыыкылы, сыбааркалыыр аппараттары, генератордары, электрическэй эрбиилэри, палаткалары, дойдуларын аһын, сылаас таҥас-сап тиэртилэр.

Биллэн туран, инники кирбиигэ сылдьар уолаттарбытын таһаарбатылар, элбэх байыас полигоҥҥа үөрэх барар эбит. Онон ким кыайан көҥүл ылбыт — кинилэргэ илиилэригэр туттардыбыт. Сорох уолаттарбыт баһыылкаларын Луганскай уонна Новоазовскай опорнай пууннарыгар хааллардыбыт, бэттэх кэллэхтэринэ хайаан даҕаны тиэрдиэхтэрэ,- диэн улуус баһылыгын маҥнайгы солбуйааччы Василий Иванович пуойаһынан айанын кэмигэр төлөпүөнүнэн кэпсиир. Уонна: «Уустук сырыыбыт табылларыгар улахан көмө, өйөбүл буолбут киһибитигэр, биир дойдулаахпытыгар, Донецкай народнай өрөспүүбүлүкэҕэ баар Саха сиринээҕи тирэх пуун куратора Петр Лебедевка тугунан даҕаны кэмнэммэт улахан махталбытын  тиэрдэбит. Бу күннэргэ техникалары, көмөлөһөөччүлэри биэрэн киэҥ сиринэн сылдьан сыалбытын-сорукпутун ситистибит, этэҥҥэ айаннаан иһэбит. Уолаттарбыт дойдуларын өйөбүлүн билэллэригэр көмө оҥорбут Общественнай тэрилтэлэргэ,  нэһилиэк баһылыктарыгар, хас биирдии көмөлөспүт дьоҥҥо урбаанньыттарга улуус дьаһалтатын аатыттан делегация уонна байыастар ааттарыттан улахан махтал буоллун. Эһиги өйөбүлгүтүнэн эппиэтинэстээх сорудаҕы толорор уолаттарбыт күүс-күдэх ыллылар, үөрүү бөҕөлөрө, оҕолор суруктарын ааҕаннар, дойдуларын аһын аһааннар, таҥас тутаннар сонун истэннэр сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ, олох кыайыылаах эргиллэн кэлиэхпит диэн эрэннэрэбит диэн биир дойдулаахтарыгар тиэрдэллэр«, -диэн Василий Иванович тоһоҕолоон бэлиэтиир.

Командировка кыттыылаахтара этэллэринэн, Россия састаабыгар киирбит саҥа уобаластарга уларыйа турар  күннээх-дьыллаах эбит: ардахтыыр, тыал, хаар түһэр. Онон таҥас-сап түргэнник айгырыыр. Инньэ гынан эбии халыҥ таҥас, утуйар мөһөөччүктэри, газовай горелкалар ылан тиэрдибиттэр, эбии 20-чэ комплегы икки опорнай пууҥҥа — Луганскайга уонна Новоазовскайга хаалларбыттар. Маны инники кирбииттэн тахсыбыт уолаттар ылыахтара.

Ити курдук Амма делегацията 14 күннээх командировката сыалын-соругун ситтэ. Уолаттар «Дойдубут салгынын, тыынын ылбыт курдук сананныбыт» диэн этиилэрэ онуоха толору туоһу буолар.

«Амма олоҕо» хаһыат.

Читайте дальше