Амматааҕы лиссиэйгэ «Инникигэ хардыы» улуустааҕы научнай-практическай конференция ыытылынна. Лиссиэйгэ карантин биллэриллэн, конференция куйаар ситиминэн, ТЕЛЕМОСТ нөҥүө уонна кэтэхтэн буолла.
Улуус нэһилиэктэриттэн барыта 237 оҕо 15 секциянан кытынна. Ордук элбэх кыттааччы — 28 оҕо, «Мода и дизайн», 26 үөрэнээччи «Экология уонна георгафия» xайысхатынан көмүскэннэ, оттон саамай аҕыйах кыттааччылаах секциялар «Саха филологията», «Культурология уонна искусство», «Физкультура уонна спорт» буоллулар. Оҕолор үлэлэрин бары хайысхаларынан улуус оскуолатын учууталлара, эбии үөрэхтээһин педагогтара, тэрилтэ үлэһиттэрэ уонна Дьокуускай куораттан Саха сиринээҕи НА Төрүт тыллар Кииннэрин лаборант-чинчийээччитэ Седалищева С.Н., СОРАН, Ирбэт тоҥу чинчийэр институтуттан м.н.с Ефремова В.И., СУНЦтан ХИФУ доцена, г.н.к Балаценко М.И. уонна ИЕН ассистена Понамарев И.В. сыаналаатылар.
Хас секция ахсын лауреаттар, дипломаннар ааттаннылар. Салгыы кыайыылаахтар Саҥа дьыл кэннэ, тохсунньуга, өрөспүүбүлүкэтээҕи конференцияҕа кыттыахтара.