Чурапчыга ыытыллыбыт оҕолорго 64 харахтаах нуучча дуобатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Юные таланты» күрэххэ Горнайтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Тааттаттан, Чурапчыттан, Амматтан, Дьокуускай куораттан барыта 80-тан тахса дуобатчыт кытынна. Ол иһигэр Амма Наахара оҕолоро эмиэ кыттаннар ситиһии сиэтиилээх кэллилэр.
Амма Наахараттан «Дуораанчык» уһуйаан бэлэмнэнии бөлөҕүн иитиллээччитэ Уйгууна Кузьмина, 1-гы кылаас үөрэнээччитэ Сандал Устинов, 2-с кылаас үөрэнээччитэ Тунаара Кузьмина уонна 3-с кылаас үөрэнээччитэ Аэлита Александрова кытыннылар. Түмүккэ Үлэ Дьоруойа Петр Ионович Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэ Тунаара Кузьмина өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ 2-с миэстэни ылла.
Күрэх туһунан санаатын Тунаара бу курдук үллэстэр: «Мин маҥнайгы кылаастан дуобатынан дьарыктанабын. Кыра сылдьан эдьиийим Юля, убайым Дима киэһэ иллэҥ кэмнэригэр оонньуулларын өрүү көрөрүм, интириэһиргиирим, сөбүлээбитим. Ийэм өрүү күрэхтэрбитин күөдьүтэн биэрээччи. Чурапчыга төрдүс барыым.Бу күрэххэ кыра балтым барсан тоҕус оҕоттон 4-с буолла. Онтон оскуолаҕа үөрэнэ киирэн баран Валерий Иванович Гаврильев салайар дуобат секциятыгар киирбитим. Тренерым күн аайы дьарыктыыр, дьиэбэр сорудах биэрээччи. Ол сорудаҕын толордохпуна наһаа үөрэбин. Дуобат өй үлэтигэр, биир сиргэ олорууга, үчүгэйдик толкуйдуурга үөрэтэр. Бу күрэххэ Майаттан убайым Алгыс Матвеев күрэхтэстэ. Кини эмиэ биһиги тренербытыгар эрчиллибитэ».
Ханнык баҕар кыайыы тириэньэртэн олус тутулуктаах. Биһиги дуобатчыттарбыт күрэххэ инники күөҥҥэ сырыттылар. Бу 30 сыл онтон 11 сыл Николай Захаров — Сахаачча аатынан Амма спортивнай оскуолатын дуобакка тренерынан үлэлээбит Валерий Иванович дьаныардаах үлэтин түмүгэ буолар. Манан диэн эттэххэ Валерий Иванович аҕыйах хонуктааҕыта ЧГИФКиС эбии үөрэнэн «Инструктор по спорту» идэтин баһылаата. «Киһи олорорун тухары үөрэнэр» диэн этии киниэхэ сөп түбэһэр. Уһун кыһыҥҥы өрөбүл кэнниттэн дуобаччыттарбыт атын күрэххэ бараары былаан оҥостоллор. Баҕа санааҕыт туолан инники диэки дьулуһун дуобат хонуутунан эрэллээхтик хаамар дуобатчыт оҕолорбут.
Ирина Корякина – Олесова.