Кыайыыны уһансыбыт дьоммут болуоссата саҥардыллар, сибэккинэн киэркэйэр

Бүгүн милитаристкай Японияны Кыайыы уонна  Аҕа дойду улуу сэриитэ бүтэһиктээхтик түмүктэммит күнэ. Бу күн биһиги кыргыһыы хонуутугар да, тыылга да эйэлээх олох кэлэрин туһугар, Кыайыыны уһансыбыт дьоммутун ахтан санаан ааһабыт, кинилэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйэбит.  Сатаҕай нэһилиэгэр олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагырааманан Кыайыы болуоссата саҥардыллынна.

Кыайыы күнүн бэлиэтиир ытык сирбит дэриэбинэбит саамай үрдүк томторугар турар. Манна Улуу Кыайыы 30 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх сылыгар Өйдөбүнньүк бэлиэ туруоруллубута. Олохтоох дьаһалта сыллата  бэйэтин күүһүнэн саҥардан, тупсаран иһэр. Томторго холкуостартан уоттаах сэрии толоонугар ыҥырыллыбыт уонна онно сырдык тыыннарын толук уурбут хорсун-хоодуот буойуттар ааттара-суоллара  үйэтитиллэн улахан обелиск буолан турар.  Маны сэргэ, үлэ фронугар, тыылга доруобуйаларын аахсыбакка үлэлээн, Улуу Кыайыыны уһансыбыт ытык дьоммут,  бэтэрээннэрбит ааттара анал билиитэҕэ  суруллан үйэтитиллибит.  Нэһилиэк ааспыт сылга олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа кыттыбыта. Ол түмүгэр  Кыайыы болуоссатын саҥардан оҥорууга субсидия ылан үөрбүппүт. Биллэриллибит аукциоҥҥа кыайыылааҕынан  ХЭТ КФХ «Мерилин’ (директор Петров П.К.) тахсан үлэни бүтэрэн туттарбыта. Улахан бэлиэнэн болуоссакка киирэр  аан саҥардыллан, тута  харахха быраҕыллар гына тупсаҕай көрүҥнэммитэ. Итини сэргэ  күрүөтэ саҥардыллыбыта уонна киэһээҥҥи хараҥаны сырдатар лаампалар турбуттара болуоссаппытын олус киэркэтэр. Кыайыы бэлиэтинэн биэс салаалаах сулус баар. Сайынын тыыннаах сибэккинэн киэркэтэргэ анаан улахан иһиттэр цеменинэн кутуллан оҥоһуллубуттар уонна дьон-сэргэ сынньанан, аймах-билэ дьонун санаан ааһалларыгар ыскамыайкалар кэккэлэспиттэр. Саҥардыллыбыт болуоссакка быйыл «Юный цветовод» куруһуок иитиллээччилэрэ сибэккилэри олортулар.

Оҕолор сайынын дьонноругар окко, фермаҕа ынах ыан көмөлөстүлэр уонна быыстарыгар кэлэн сибэккигэ уу кутан, сыыс от ыраастаан, аҕа көлүөнэ дьоҥҥо ытыктабылларын биллэрдилэр. Ыарахан үлэтигэр улахан кылаас үөрэнээччилэрэ буор таһыытыгар, ыраастааһыҥҥа көмөлөспүттэрэ. Дойдубут көҥүл уонна тутулуга суох буолуутун туруулаһан көмүскээбит, ил-эйэ туһугар кыргыһыы хонуутугар охтубут буойуттарбытыгар  кэриэстэбил буолан кытархай сибэккилэр кыыстылар. Оҕолор бу кыра көмөлөрүттэн үөрэллэр. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат.

Христина СКРЯБИНА

Читайте дальше