Кылаабынай федеральнай инспектор эбийиэктэри көрдө

Амма улууһугар Саха өрөспүүбүлүкэтигэр кылаабынай федеральнай инспектор Евгений Корнеев баһылыктаах оробуочай бөлөх кэлэн тутулла турар хас да эбийиэктэри көрдө, ону сэргэ үлэҕэ киирбит эбийиэктэри эмиэ билистэ.
Оробуочай бөлөх Абаҕа нэһилиэгэр тахсан быйыл кыһын үлэҕэ киириэхтээх оскуола-саадка сырытта, сотору кэминэн бүтүөхтээх У. Нохсоороп аатынан култуура киинигэр буола турар хапытаалынай өрөмүөн хаамыытын билистэ. Кинини кытта улуус баһылыга Степан Кузьмин, баһылыгы тутууга солбуйааччы Виктор Смирников, улуус борокуруора Михаил Николаев сырыттылар. Оскуола-саад тутуута график быһыытынан ахсынньы ый бүтүүтэ түмүктэниэхтээх. Манна улахан хаалыы суоҕа бэлиэтэннэ, ол гынан тутуу сорох өттүлэригэр ыйыылар оҥоһуллуннулар. Федеральнай инспектор оскуола-саад тас өттүгэр тупсаран оҥоруу үлэтэ кэлэр сылга көһүмүөн наада диэн санаатын тириэртэ.

 

Бэдэрээччит бу өртүгэр оннук харгыс тахсыа суоҕа, үлэ бүтэн турарын мэктиэлээтэ. Тутуу кэмигэр үлэҕэ киирэригэр туох харгыс баарын туһунан ыйытыыга, сакаасчыт уһуйаан миэбэлигэр үөскүөн сөп диэн этэр. Онтон култуура киинигэр хапытаалынай өрөмүөн хаамыытын билсэн, бэдэрээччиттэри кытта кэпсэтэн баран, ыытыллар үлэни ыйыллыбыт болдьоххо ситэрэргэ кыһаллалларыгар  сүбэлээтэ.  Бу икки эбийиэги сэргэ Абаҕаҕа инспектор ааспыт кыһын үлэҕэ киирбит врачебнай амбулаторияны баран көрдө, үлэһиттэри кытта кэпсэттэ, туох итэҕэстэр баалларын ыйыталаста. Киниэхэ амбулатория үлэтин улуус кылаабынай бырааһа Михаил Архипов билиһиннэрдэ.

Салгыы Аммаҕа кэлэн Евгений Корнеев киин балыыһа стационарыгар сырытта. Манна кини ыытыллыбыт хапытаалынай өрөмүөнү көрдө, стационар үлэтин туоһуласта. Ону таһынан улууска оҕо төрөөһүнэ, оҕону түһэттэрии балаһыанньатын ыйыталаста. Ол кэнниттэн норуодунай суут дьиэтин көрдө. Тутуу 1972 сыллаах буолан хаарбах туруктаммыт,  онон үлэлииргэ уустугурбутун туһунан  оробуочай бөлөҕү кытта кэлбит СӨ Судебнай Департаменын Управлениетын начальнига Владимир Борзов федеральнай инспекторга тириэрдибитин истэн, көрөн баран,  улуус баһылыгар Степан Кузьмиҥҥа оройуон суута атын эбийиэккэ көһөрүн быһаарарыгар сүбэлээтэ.  Федеральнай инспектор бэйэтин бэрэбиэркэтин 5 км тутулла турар ууну ыраастыыр станцияҕа түмүктээтэ. Манна бэдэрээччити кытта көрсөн кэпсэтэн, туох кыһалҕалаахтарын туоһуласта, тутуу болдьоҕор үлэҕэ киирэригэр туох харгыс баарын туоһуласта.

Бэрэбиэркэ түмүгүнэн Евгений Корнеев улуус баһылыгар тутуулары барытын тус хонтуруолга илдьэ сылдьарыгар нэһилиэнньэ кэтэһэр эбийиэктэрэ кэмигэр үлэҕэ киирэллэрин ситиһэргэ үлэни-хамнаһы ыытарыгар баҕа санаатын тириэртэ.
“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше