Амма нэһилиэгин «Күннүк» түөлбэтэ Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылынан үбүлүөйдээх ыалларын бэлиэтээтилэр.
«Биһиги түөлбэбитигэр уһуннук ыал буолан олорбут дьиэ кэргэммит элбэхтэр. Онтон быйыл Наталья Кононовна, Александр Павлович Дьячковскайдар уонна Анна Степановна, Дмитрий Дмитриевич Слепцовтар кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбиттэрэ. Онон Аҕам саастаах дьон декадатын чэрчитинэн кинилэргэ тиийэн түөлбэбит аатыттан эҕэрдэбитин тириэртибит. Маны сэргэ олохтоох нэһилиэк дьаһалтата сэрии сылларын оҕолоругар биир куул хаппыыста анаабытын бэйэбит түөлбэбитигэр олорор Клара Дмитриевна Гермогеноваҕа, Федора Дмитриевна Диодороваҕа уонна Александра Кузьминична Нестереваҕа туттардыбыт. Бары аҕам саастаах дьоммутугар чэгиэн доруобуйаны, олоххо уостубат тапталы баҕарабыт»,- диэн «Күннүк» түөлбэ салайааччыта Игнатий Гаврильев сырдатта.
«Амма олоҕо» хаһыат