Амма нэһилиэгин биир көхтөөх “Күннүк” түөлбэтэ И.А. Швердин аатынан култуура- сынньалаҥ пааркатын аттыгар баар. Онон Олоҥхо ыһыаҕар түөлбэ ыраас буоларыгар хас да төгүл субуотунньук, тупсаран оҥоруу үлэлэрэ бардылар. Субуота күн күннүктэр эмиэ күргүөмүнэн субуотунньукка таҕыстылар.
“Биһиги түөлбэбитигэр Олоҥхо ыһыаҕын көрсө күүстээх субуотунньуктары ыытан кэллибит. Субуота күн эмиэ тахсан үлэлээтибит. Барыта алта бортовой УАЗ массыына бөх хомуллан, тиэллэн сыбаалкаҕа тиэрдилиннэ. Ол курдук паарка аннынан ааһар үрүйэни ыраастаатыбыт, киһи олорбот буолан сүөргү көстүүлээх уһаайбабытын хомуйдубут. Итини сэргэ кэрэ аҥардарбыт түөлбэбитигэр баар Күннүк Уурастыырап скверигэр сибэкки олортулар. Сквербит оруобуна ыһыах ыһыллар пааркатын суолугар турар. Онон элбэх ыалдьыт кэлэн сылдьан сынньанан ааһыа. Субуотунньукка бэйэтин массыынатынан көмөлөспүт түөлбэбит олохтооҕор Иван Шестаковка, бары көхтөөхтүк кыттыбыт дьоммутугар махталбын тириэрдэбин”, — диэн “Күннүк” түөлбэ салайааччыта Игнатий Гаврильев сырдатта.
“Амма олоҕо” хаһыат