Амма улууһун, Мээндиги уонна Соморсун нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо Михаил Алексеев “Күн дьоно Хоролор” диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ бэрт истиҥник, иһирэхтик, элбэх санаа этиилэрдээх буолан ааста. Кинигэ Скороульскай буолас тэриллибитэ 385 сылыгар ананна.
Норуот суруйааччыта В.Е. Васильев-Баһылай Харысхал аатын сүгэр Мээндигитээҕи бибилэтиэкэҕэ “Күн дьоно Хоролор” диэн дьоҕус эрээри, бэрт элбэх историческай чахчылардаах кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Тэрээһини сүрүн бибилэтиэкэр Матрена Захарова иилээн-саҕалаан ыытта. Кинигэ туһунан кылгастык билиһиннэрэр буоллахха, кинигэ 45 сирэйинэн, Скороульскай буолас тэриллибитэ 385 сыллаах үбүлүөйүгэр ананан 100 экземплярынан Дьокуускай куорат Дани -Алмас кыһатыгар бэчээттэнэнэ таҕыста. Кыраайы үөрэтээччи, элбэх баай матырыйааллардаах, бэйэтин суруйууларыгар архыып дааннайдарыгар олоҕурар Михаил Алексеев саха омугун төрүт өбүгэлэриттэн биирдэстэрэ, Хоролор (Скороуллар) сыдьааннара, удьуордара Амма сиригэр олохсууйаларын, Мээндиги сиригэр төрүттэниилэрин уонна кинилэр саха историятыгар, култууратыгар туох сабыдыаллаахтарын туһунан бэрт интэриэһинэйдик, баар чахчыларга олоҕуран суруйбут. Сүрэхтэниигэ бэйэлэрин санааларын тириэрдибит дьон бу дьоҕус кинигэттэн олус элбэҕи билбиттэрин, кинигэ оҕолор дойдуларын, өбүгэлэрин историяларын үөрэтиилэригэр олук буоларын, кини хас биирдии темата бэйэтэ туспа чинчийэллиэн сөптөөҕүн эттилэр. Ол курдук санааларын уонна кинигэ тахсыбытынан ааптарга эҕэрдэ тылларын улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Бураев, Мээндиги нэһилиэгин баһылыга Илья Семенов, Абаҕа нэһилиэгин баһылыга Максим Семенов, Соморсун нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Надежда Белолюбская, Саха сиригэр гражданскай сэрии историятын түмэлин дириэктэрэ Айантай Байдам, Күннүк Уурастыырап аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ дириэктэрин солбуйааччы Светлана Макарова, Мээндиги култууратын дьиэтин дириэктэрэ Светлана Попова, урбаанньыт, историяны сэҥээрээччи Андрей Ядрихинскай, Соморсунтан Дмитрий Старостин тириэртилэр.
“Кинигэм тахсыытыгар Мээндиги нэһилиэгин дьаһалтата күүс-өйөбүл буолла. Баһылык Илья Владимирович Семенов үбүлээн таҕыста. Кини солбуйааччыта Альбина Степановна Филиппова кинигэбин барытын көрөн, сыыһаларын көннөрөн, эрэдээктэрдээн биэрдэ. Онон кинилэргэ махталым улахан. Мин биир улахан баҕам диэн кыраайы үөрэтээччилэр түмсүөхтэрин баҕарабын. Эдэр историяны чинчийээччилэр баар буолуохтарын наада. Олус баай историялаах дойдуга олоробут. Онон үөрэтиллэ илик элбэх. Бу кинигэҕэ мин кылгастык 1639 сыллаахха тэриллибит, Сулҕаччы, Бөтүҥ, Соморсун, Абаҕа уонна Эмис нэһилиэктэрэ киирбит Скороульскай буолас историятын кытта ситимнээн сахалар хантан кииннээхпитин, өссө туох чинчийиллиэн наадатын киллэрэ сатаатым. Бириэмэ ыгымынан урут эрдэ бу тиэмэҕэ суруйа сылдьыбыппын киллэртээтим. Бу кинигэни ааҕан ордук эдэр ыччат бэйэтин историятын үөрэтиигэ ылсыа диэн баҕа санаалаахпын”, — диэн Михаил Васильевич санаатын үллэстэр.
Кинигэ улуус нэһилиэктэрин бары бибилэтиэкэлэригэр, ону сэргэ өрөспүүбүлүкэ Национальнай бибилэтиэкэтигэр эмиэ бэрилиннэ. Онон хайа баҕарар ким интэриэһиргээбит ылан ааҕан элбэх чахчыны, урут билбэтэҕин билиэ диэн ааптар да, кинигэни да бэлэмнээн таһаарааччылар эрэллээхтэр.
“Амма олоҕо” хаһыат