Кырачаан чинчийээччилэр дьоһун үлэлэри көмүскээтилэр

Амма Наахара орто оскуолатын иккис кылааһын барыга дьоҕурдаах, үөрэнээччи сайдарыгар бары усулуобуйаны тэрийэр, аныгылыы көрүүлээх Айталина Филиппова салайар. Эдэр учуутал үөрэнээччилэригэр олус болҕомтолоохтук сыһыаннаһар, элбэх саҥа ньымалары уруогар киллэрэр.

Айталина Анатольевна үөрэнээччилэри  чинчийэр үлэ нөҥүө иитэр, сайыннарар. Үөрэтэр программаларыгар оҕо бэйэтэ илиитинэн тутан-хабан оҥорбутун, бэйэтин нөҥүө аһардан билэрин ситиһэр.

Онон сиэттэрэн тохсунньу 30 күнүгэр оҕону сайыннарар сыаллаах кылаас иһинэн «Я — исследователь»  улууска ыытыллыахтаах күрэххэ сүүмэрдээһин кылаас  иһинээҕи түһүмэҕэ ыытылынна. Кылаас бүттүүн, ол аата 14 оҕо кыттыыны ылла. Бастакы бэйэ холонуута буолан оҕолор бэйэлэрэ сөбүлээн оҥорбут хайысхаларынан  дакылааттары иһиттибит, ыыппыт чинчийиилэрин, оҥорбут уопуттарын көрдүбүт. Дьүүллүүр сүбэҕэ уопуттаах алын сүһүөх кылаас учуутала Марианна Устинова, «Дуораанчык» уһуйаан сүрүн иитээччитэ, логопед Галина Мартынова,  психолог Ирина Олесова дакылааттары болҕойон иһиттилэр.

Сүбэ оҕолор бэйэлэрин саастарыгар кэпсиир дьоҕурдара, улахан киһини кытта санааларын үллэстэллэрин, ыйытыыга эппиэттииллэрин, чинчийэр үлэҕэ интэриэстэрин, ырытар, бэйэлэрин көрүүлэрин уонна илиилэринэн тутан-хабан оҥоруулара үрдүгүн биһирээтэ.

Үс чаастаах кэмпириэнсийэҕэ кыайыылааҕынан Даниэль Никитин «Что такое снег?» дакылаатынан лауреат үрдүк аатын сүктэ. Бэрт кыранан хаалан «Вред газированных напитков:  миф и реальность?» үлэлээх Максим Тарскай 1-кы истиэпэннээх, Артем Захаров «Вода — источник жизни» уонна Тунаара Кузьмина «Дуобат дьикти хонуутугар» үлэлэрэ 2-с истиэпэннээх, Дайаана Алексеева «Помпончиктаах заколка оҥоруу», Айтал Макаров «Берёза» уонна Роберт Пахомов «Футбол — мой любимый вид спорта» дакылааттрынан 3-с истиэпэннээх дипломнарынан наҕараадаланнылар.

Өй — санаа үлэтин тэрээһинигэр төрөппүттэр оҕолорун кэлэн көрөн — истэн бардылар. Үөрэнээччи, төрөппүт, учуутал биир санаанан салайтаран оҕо сайдарыгар болҕомто ууран үлэлииллэрэ тута харахха быраҕыллар. Интэриэһинэй үлэлээх үөрэнээччилэр «Я — исследователь» улуустааҕы күрэххэ кыттыыны ылыахтара. Барыга көхтөөх, билиэн — көрүөн баҕалаах оҕолорбутугар ситиһиини баҕарыаҕыҥ!

Ирина Корякина — Олесова.

Читайте дальше