Кыргыттарга анаммыт сонун тэрээһин

Болугур нэһилиэгэр М.А. Ноговицын аатынан култуура киинэ уонна Е.Е. Пахомов аатынан Болугур орто оскуолата, үөрэнээччилэргэ   анаан  Аан дойдутааҕы Кыыс күнүнэн бииргэ тэрээһин ыыттылар.  Тэрээһиҥҥэ оскуола саастаах кыргыттар араас сүбэ маастар- кылаастарга сылдьан элбэҕи биллилэр, бэйэлэригэр иҥэриннилэр.

Кыргыттарга маастар-кылааһы нэһилиэкпит бэйэ өттүнэн дьарык оҥостон ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар кыргыттарбыт  Туяра  Охлопкова  сирэйи хайдах оҥосторго,  онтон Ирина Олесова баттаҕы хайдах көрүнэргэ сүбэ-ама биэрдилэр, ону тэҥэ кыргыттары модель гынан оҥорон көрдөрдүлэр.

 

Маны таһынан оскуола үөрэнээччилэрэ Валерия Максимова, Аида Мухина SHIN RAMEN-у лапса аһыытын арыый ньулутар гына эбии сыр, үүт кутан буһаран көрдөрдүлэр.

Маастар кылаастар кэннилэриттэн уолаттар сюрприз оҥорон кыргыттарын эҕэрдэлээтилэр, подарок туттардылар. Тэрээһин үрдүк таһымҥа ааһан үөрэнээччилэр үөрэн — көтөн тарҕастылар. Туяра Охлопковаҕа, Ирина Олесоваҕа сүрдээх улахан махталбытын тиэрдэбит. Кэрэчээн кыргыттарбыт куруук кэрэ, нарын, үтүөнү  үксэтэ улаатын.

 

Евдокия ПЛАТОНОВА

Читайте дальше