“Кытыллар” кыайыыттан кыайыыга кылыйаллар

Чапчылҕаннар түөлбэнэн күрэхтэһиилэрэ бүтэр уһугун булан эрэр. Биэтэк чугас, онон түөлбэлэр муҥ кыахтарынан, бууттара быстарынан түһэллэр. Бүгүн Стритбол диэн көрүҥҥэ ким күүстээҕин быһаарыстылар.
Стритбол диэн баскетбол курдук гынан баран, үстүү киһилээх хамаандалар уон мүнүүтэ иһигэр биир сеткаҕа ким элбэх мээчиги киллэрбит кыайыылаах буолар. Ордук Америкаҕа үлүһүйэн оонньонор көрүҥ. Улууска бу оонньууну Амма 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын физкультураҕа учуутала Максим Романов оҕолору дьарыктаан киэҥник тарҕатарга үлэлии сылдьар. Бу күн кинини аат ааттаан ыҥыран “күрэҕи салайан кул” диэн көрдөспүттэрин Максим Васильевич өрөбүл диэн өһөспөккө, соло суох диэн батыммакка, кыраҕатык кэтээн, сиэрдээхтик дьүүллээн кыайыылаахтары быһаарда. Биэс түөлбэ күнү быһа салгыахтарыгар диэри хардары-таары мээчигинэн тамнаспыт киирсиилэригэр кыайыылааҕынан “Кытыл” түөлбэ таҕыста.

“Кытыллар” финалга үс түөлбэни хаардыы хааман тиийбит “Сайдыы” түөлбэни кыл мүччү биир очукуонан хотон, чорбойон уруйдара улаатта, айхаллара ыраатта. Инньэ гынан, “Кытыллар” сирэйдэрэ-харахтара турбута сүр, адьас бугуһуйан кыайыыттан кыайыыга кылыйан иһэллэр. Буолумуна, иккис сылларын спартакиада чөмпүйүөннэрэ дьон бу да сырыыга ааттарын былдьаппат, иннилэрин күөйэ хаамтарбат соруктаах күрэхтэһэллэр. Иккис миэстэҕэ «Сайдыы», үһүс миэстэҕэ «Мир» түөлбэ тигистэ.
Нэһилиэк аҕа баһылыга Дьулустаан Юшков “Ойуччу инники түспүт түөлбэ суох, бары араа-бараа баран иһэллэр. Сыл бүтүөр диэри бильярдка уонна эстафетаҕа күрэхтэһии буолуоҕа. Дьэ, онно кыайыылаах быһаарыллыаҕа”, — диэн тойоннуур.

Кыайбыт түөлбэ салайааччыта Айаал Елисеевтэн “үөрүүгүн үллэстэн кэбис, кыайыыга хайдах тиийдигит?” диэн төлөпүөннүү сырыттыбыт. Киһибит хамаандатын туһугар ыалдьан хаһыытаан-ыһыытаан күөмэйэ олоччу бүппүт, кэһиэҕирбит куолаһынан кэпсээн кимириттэ.

“Абытай киирсиилэри аастыбыт. Утарсааччыларбыт бырапыссанаал спортменнартан итэҕэһэ суох оонньууллар. Хата, биһиги кыргыттарбыт-уолаттарбыт түмсүүлээх буоланнар, кыайыыны ыллыбыт. Ылымына, түөлбэ дьоно бары эрэнэн, атаҕар туран күрэхтэһиигэ атаарбыта. Дьоммут эрэлбитин түһэн биэрбэтилэр. Атын да күрэхтэргэ субу курдук түмсүүлээхтик, көхтөөхтүк киирсиэхпит. “Кытылларга” уруй-айхал!”, — диэн Айаал Федорович үгүһү эттэ-тыынна.

Олег ЕГОРОВ

Читайте дальше