Бэҕэһээ соҕотох аҕалар «Мой папа — самый лучший» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэрэ үһүс төгүлүн буолан ааста. Бу күрэххэ Амматтан Александр Петрович Павлов уолаттарынаан Эрсаныын, Айсенныын кытыннылар.
Күрэх сылын ахсын соҕотох аҕалаах дьиэ кэргэҥҥэ болҕомто уурар, аҕа оруолун дьиэ кэргэҥҥэ үрдэтэр сыаллаах ыытыллар. Күрэҕи көҕүлээн тэрийэр дьонунан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Аҥаардас аҕалар» түмсүү, Хатас нэһилиэгин «Тускул» култуура киинэ уонна «Алгыстаана» дьахтар сэбиэтэ буолаллар.
Күрэх барыта 4 түһүмэҕинэн барда. Күрэх түмүгүнэн Павловтар барыта 8 дьиэ кэргэн кыттыбытыттан 2 миэстэни ылан, кыайыы көтөллөнөн, үөрэн-көтөн дойдуларыгар төнүннүлэр.
Тус баҕатынан кыттыбыт, оҕолорун соҕотоҕун иитэр Александр Петрович бу курдук күүстээх санаата уҕараабакка, барыта этэҥҥэ буоларыгар эрэнэ, алгыс баһын сыалыы хаалабыт.
Наталия Рязанская.