Күүстээх үлэ кыайа тутулунна

Бары билэрбит курдук, ардахтаах хаар сабыдыалыттан Амма-Өннүөс суолугар үүнэн турар мастар суолга саба түһэн айанньыттар харгыстары көрүстүлэр. Онон бүгүн Өннүөс, Болугур, Покровка, Чакыр эр дьоно күүстээх суббуотунньукка үлэлээтилэр.

Чакыр нэһилиэгиттэн уопсайа 15 эр дьон кыттыыны ылла, бүгүҥҥү күүстээх үлэҕэ кыттыбыт дьоммутугар нэһилиэк дьаһалтатын аатыттан махталбытын биллэрэбит.

Мария Шепелева.

Читайте дальше