Лээги туһунан саҥа ырыа дьиэрэйиэ

Лээги кэрэ айылҕата кэпсээҥҥэ тиһиллэн, сэһэҥҥэ суруллан, хоһооҥҥо хоһуллан, ырыаҕа айыллан кэллэ. Ол эрээри бу айылҕа биир кэрэ дьикти сирин туһунан айар куттаахтар өссө да айа-тута тураллар. Бу күннэргэ Лээгини Лээги дэппит, иккис тыыннаабыт урбаанньыт, меценат Руслан Федотов өссө биир саҥа ырыа суруллубутун тутан олус үөрэн, долгуйан, бу үтүө сонунун үллэһиннэ.


“ Бу соторутааҕыта үлэбэр олордохпуна соһуччу үлэбэр эдэркээн, сүрдээх сэмэй оҕолор киирэн кэллилэр. Бэрт дьикти сонуннаах, илии тутуурдаах кэлбиттэр. Кинилэр эһэлэрэ, 89 саастаах ытык кырдьаҕас  Василий Семенович Трифонов-Айыллаа  диэн мелодист, биһиги дойдубут, Лээгибит туһунан хоһоон айан, онно ырыа суруйбут. Ону тутан олус соһуйдум, үөрдүм, махтанным. Бу ытык саастаах Василий Семенович Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төҥүлү нэһилиэгин  олохтооҕо эбит. Сиэннэригэр сорудахтаан, сиэннэрэ эһэлэрин көрдөһүүтүн толорон, айымньытын туттаран аастылар.

 

Дьэ онон ахтылҕаннаах Лээгибит туһунан өссө биир ырыа сотору кэминэн  киэҥ эйгэҕэ ырыа буолан дьиэрэйиэ. Манна даҕатан эттэххэ, кулун тутар  23 күнүгэр Лээгиттэн көһөрүллэн Чакырга олохсуйбуппут 55 сыла туоларыгар анаммыт массыынанан айаммыт ыытыллаары турар.

 

Хааччах кэмигэр тохтуу сылдьыбыт үгэспит сөргүтүллэн, таптыыр, ахтар Лээгибитигэр  айанныахпыт. Бу бэлиэ күнү көрсө саҥа ырыа айыллан тахсыбыта бэйэтэ ураты буолар. Онон өссө төгүл ытык кырдьаҕас Василий Семеновичка дириҥник махтанабыт”,-  диэн Руслан Еремеевич үөрүүлээх сонунун үллэһиннэ.

“Амма олоҕо” хаһыат

 

Читайте дальше