Лидия Петрова “Сырдык, ыраас өйдөбүл буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ хаалыаҕа”

Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо,  СӨ үтүөлээх учуутала, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайката, ССКП  XXVII  дэлэгээтэ Лидия Петрова Сахабыт сирин бастакы бэрэсэдьиэнэ, ытык киһибит Михаил Ефимович Николаев күн сириттэн күрэммитин олус харааста истибитэ. Саха дьонун барытын да муударай, дьоһун, дириҥник убаастыыр киһибит суох буолбута харааһыннарда. Билигин хас биирдии киһи кини сахатын норуотун иннигэр тугу оҥорон хаалларбытын эрэ буолбакка, хаһан, ханна кинилиин алтыспытын долгуйа ахтар. Ол курдук Лидия Васильевна кинини кытта Москуба куоракка, Бэс Чагда санаторийыгар биир кэмҥэ сынньаммытын санаан, онно өссө киниэхэ анаан хоһоон айан бэлэхтээбитин, Михаил Ефимович махтанан сурук суруйбутун бу курдук истиҥник ахтар.

Кэргэмминээн 2021 сыл ковидынан  ыалдьан баран, доруобуйабытын чэбдигирдэ, бөҕөргөтө Москубаҕа, Бэс Чагда санаторийыгар  путёвка биэрэннэр эмтэнэ барбыппыт. Күһүн сэтинньи ый этэ. Онно саҥа тиийэн барыны-барытын сэргээн көрө-истэ сылдьан, арай бастакы бэрэсидьиэммит  Михаил Ефимович Николаев  манна эмиэ баарын, сарсыарда аайы паркаҕа хаамарын, сынньана сытааччылары көрсөн кэпсэтэрин, бииргэ хаартыскаҕа түһэрин истэн, хайдах эрэ сүргэм көтөҕүллүбүтэ. Ытыктыыр киһибитин кытта биир салгынынан тыына сылдьарбыттан үөрэн буоллаҕа буолуо, биир  сарсыарда эрдэ уһукта сытан эрэ, хайдах эрэ ис испиттэн хоһоон тыллара тахсан кэлбиттэрэ. Дьиктитэ диэн,  мин кини төрөөбүт күнүн (сэтинньи 13 күнэ) билбэккэ эрээри, сэтинньи  11 күнүгэр суруйбутум. Онтон дьэ  санаторий культурнай тэрээһинин  тэрийээччи Аида диэн кыыс  сынньанааччылары муспута уонна  Михаил Ефимович төрөөбүт күнүгэр эҕэрдэлэрин ыытабыт диэн эппитэ. Оннук эмиэ биһигини мунньан эҕэрдэ, махтал тылларын эттибит уонна мин хоһоон суруйбуппун эппиппэр,  ону ааҕарбар көрдөспүттэрэ. Ону  барытын видеоҕа устан Михаил Ефимовичка ыыппыттар этэ. Мин хоһооннорум кинигэтигэр ол саҥа суруйбут хоһооммун бэчээттэтэн, сыһыаран ыыппытым. Арай сотору соҕус буолан баран Михаил Ефимович  махтанан суруйан ыытта. Кини  Бэс Чагдаҕа үлэлиир уонна кинини эмтиир врач Ньургуна Васильевнаттан төлөпүөммүн ылбыт эбит. Мин наһаа соһуйан уонна үөрэн хаалбытым.  “Ытык мааны Лидия Васильевна! Ис сүрэхтэн махтал тыллары тут. Уһун үйэни, дьоллоох — соргулаах олоҕу баҕарабын. “Тэттик-мэттик”  кинигэн олус интэриэһинэй. Сурук-бичик аартыгар ситиһиилэри баҕарабын. Михаил Николаев.”

Бу махтал миэхэ туохтааҕар да күндү, үрдүк сыанабыл. Ити миэхэ анаммыт тыллара оҕолорбор, сиэннэрбэр көмүс буукубанан суруллан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ семейнэй реликвия буолан хаалыаҕа диэн эрэнэбин”, — диэн Лидия Васильевна билигин уйадыйа ахтар.

Мантан салгыы Лидия Петрова Михаил Ефимовичка анабыл хоһоонун билсиҥ.

Саха бастакы Президенигэр М.Е. Николаевка

         Норуотуҥ дьолугар төрөөҥҥүн

Саханы Эн саха дэттэҕиҥ.

Кэрэгэй дьылҕалаах бэйэтин

      Кэскиллээх кэккэҕэ таһаартыҥ.

                                          Саха диэн аҕыйах ахсааннаах,

                                            Самныбат саргылаах норуоту

                                              Омуктар сэргииллэр, сөҕөллөр

                                             Дэгиттэр дьоҕурун биһирээн.

Ол онно олугу Эн ууртуҥ,

    Былааһы саҥалыы салайан,

   Ырааҕы анаарар толкуйуҥ

             Ыллыктаах сайдыытын тобулан.

                             Оҕоҕо, ыччакка туһаайбыт

                                   Кэскиллээх былааныҥ салҕанар,

                             Муҥутуур ситиһии дабаанын

                            Эн аатыҥ куруутун дабайсар.

       Норуоккар оҥорбут үтүөҕүн

          Барытын ааҕан да сиппэккин.

          Бар дьонуҥ махтала, таптала

Салҕаныа үйэттэн үйэҕэ!

                                  11.11.2021 с. Бэс Чагда.

Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше