Лиссиэй үөрэнээччилэрэ кумааҕы уонна электроннай кинигэлэр тула кэпсэттилэр

Библиотека Аан дойдутааҕы  күнүгэр анаан Амма лиссиэйин 6-9 кылааһын үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар олус сэргэх дебат буолан ааста.

«Электроннай кинигэ кумааҕы кинигэни суох оҥоруо дуо?»  диэн темаҕа  оҕолор өрө көтөҕүллүүлээхтик, умсугуйан туран кытыннылар. Уоттаах-төлөннөөх санаа атастаһыытыгар 6 “б” уонна 9 “а” кылаас үөрэнээччилэрэ ордук чорбойдулар.

Дьүүллүүр сүбэ түмүк таһаарыытыгар бу икки хамаанда үөрэнээччилэрэ муҥутуур бааллары ылан, кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Үһүс миэстэҕэ кинилэртэн кыранан хаалан 8 “а” кылаас үөрэнээччилэрэ таҕыстылар.

Түмүккэ дьүүллүүр сүбэ үөрэнээччилэр киэҥ билиилэрин, этэр санааларын баар чахчыларга сөптөөхтүк сигэнэллэрин уонна  үрдүк култууралаахтарын  бэлиэтээтилэр.

Кыттааччылар бука  бары аныгы сайдыылаах кэмҥэ маннык күрэхтэр куруук ыытылла туралларыгар баҕа санааларын эттилэр.

Наталия Рязанская.

Читайте дальше