Бүгүн Амма лиссиэйин үөрэнээччилэрин кытта Саха сирин уонна Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ, народнай суруйааччы, бэйиэт Наталья Харлампьева, поэтессалар Зинаида Архипова, Елизавета Мигалкина, Александра Матвеева — Долгура литературнай десант чэрчитинэн керүстүлэр.
Көрсүһүүгэ суруйааччылар оҕолорго айар үлэлэрин билсиһиннэрдилэр, поэт-дьахтар аналын, олоххо тус көрүүлэрин анаардылар, хомоҕой хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр. Туох барыта кыраттан, оскуола саастан саҕаланарын, төрөөбүт дойдуга таптал ахтылҕан ситимиттэн күөдьүйэрин уонна баары кэмигэр сыаналыырга, куруук туохха барытыгар махталлаах буоларга ыҥырдылар. Салгыы суруйааччы Иннокентий Сосин кыыһа, лиссиэй дириэктэрэ Дария Захарова оҕолорго туһаайан түгэни мүлчү туппакка, народнай бэйиэттээх десант ыллыктаах тылын-өһүн болҕойон истэллэригэр уонна олохторугар бу көрсүһүү биир умнуллубат түгэн буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Манна эбии Наталья Харлампьева 4 строкалаах хоһоонун ааҕан, ис номоҕун кэпсээтэ. Түмүккэ биир дойдулаахпыт, народнай бэйиэт Күннүк Уурастыырап «Сааскыга» хоһоонунан ырыаны мустубут дьоҥҥо анаан библиотекарь Людмила Романовна Оконешникова олус иэйиилээхтик толордо.
Истиҥ көрсүһүү сааскы бырааһынньык илдьитинэн, кэрэ аҥар суруйааччы дьахталларга сибэкки дьөрбөтүн бэлэх уунуунан уонна хардарыта махтал истиҥ тылларынан түмүктэннэ.
Наталия Рязанская.