Лиссиэйдэр өбүгэ үгэстэригэр билиилэрин хаҥаттылар

Лиссиэй алын кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах Байанай нэдиэлэтэ  бэрт сэргэхтик ааста. Нэдиэлэ ыытыллыытыгар эппиэтинэстээх маҥнайгы кылаас төрөппүттэрэ буоллулар. Кинилэр көмөлөрүнэн булт эйгэтигэр сыһыаннаах олус үчүгэй быыстапка турда, кылаас чаастара ыытылыннылар. Маны сэргэ,  1-2 кылаас үөрэнээччилэригэр уруһуй, 3-4 кылаас оҕолоругар өйтөн суруйуу, уолаттарга хамаанданан эстафета күрэҕэ ыытылынна.

Өссө биир оҕолорго умсугутуулаах тэрээһининэн эдэр натуралистар станцияларын педагогтара иитэр кыылларын аҕалан көрдөрүүлэрэ, оҕолорго билиһиннэриилэрэ буолла. Манна кыра дьон тыыннаах кыыллары көрөн улаханнык астыннылар, дуоһуйдулар.

Нэдиэлэни түмүктээн, «Аҕа уонна уол» диэн 5 түһүмэхтээх интеллектуальнай күрэх ыытылынна. Аҕа уолунаан булка-алка, булугас өйгө сыһыаннаах күрэххэ билиилэрин тургутан көрдүлэр, уолаттарын кытта биир хамаандаҕа үлэлээтилэр. Күрэх түмүгүнэн маҥнайгы миэстэни 1-2 кылаастар икки ардыларыгар Солдатов Егор Константинович уолунаан Богданныын ыллылар. 2-с миэстэни 2 „а“ кылаастан Святослав уонна Дмитрий  Арианович Носовтар, 3-һү 1“а“-ттан Туйгун, Евгений Анатольевич Павловтар уонна 2 „б“-ттан  Айхан, Гаврил Михайлович Чаприннар. 3-4 кылаастар ортолоругар 1 миэстэни 3“б“ кылаастан  Коля,  Артур Иванович  Константиновтар, 2-кэ 3“а“ кылаастан Вадик,  Владислав Владиславович Сивцевтэр, 3-кэ  4 „а“ кылаастан  Эльдар, Рустам Сергеевич Седыхтар, 4 „б“-тан Максим Чемезов, аҕатынаан  Алексей Романович Пахомовтыын таҕыстылар.

Бу курдук, лиссиэй  алын кылааһын үөрэнээччилэрэ төрөппүттэрин уонна  учууталларын көмөтүнэн өбүгэ сиэригэр-туомугар сыстан, билиилэрин-көрүүлэрин хаҥаттылар, Баай Байанай ыйын декадатын бэрт сэргэхтик атаардылар.

Наталия РЯЗАНСКАЯ.

Читайте дальше