Лиссиэйгэ сонун нэдиэлэ ааста

Амматааҕы лиссиэйгэ суруйааччы, суруналыыс, кыраайы  үөрэтээччи Иннокентий Сосин төрөөбүтэ 95 сааһыгар аналлаах декада бэрт сэргэхтик ааста.

Ол курдук, оскуола иһинэн суруйааччы айымньыларын күргүөмүнэн аахтылар, кылаас чаастарыгар, библиотечнай уруоктарга суруйааччы олоҕун, айар үлэтин билистилэр. Үөрэнээччилэр «Эһэм сүтүгэ» айымньытынан уһуллубут «Мэтээл» уус-уран киинэтин көрдүлэр.

Сонун көстүүнэн, Иннокентий Сосин хос сиэнэ, 7 “б” кылаас үөрэнээччитэ Ира Захарова «Музей в чемодане» оҥорон, кылаастары кэрийэ сылдьан, эһэтин олоҕун, айар үлэтин сырдатта.

Алын 2 “б”, 3 “б”, 4 “а”, “б” кылаастар Иннокентий Сосин «Кымырдаҕас үлэтигэр тахсыбата»  кинигэтинэн оонньуу-бырайыактары араас ньыманан оҥорон, саастыылаахтарыгар оонньоттулар, айымньы ис хоһоонун төһө өйдөөбүттэрин тургутан көрдүлэр.

Улуус иһинэн суруйааччы хоһооннорун алын, орто  сүһүөх кылаас оҕолоро иэйиилээхтик  ааҕан, бастыҥы быһаардылар. Түмүккэ, дьүүллүүр сүбэ биир санаанан муҥутуур кыайыылааҕынан, Гран-При хаһаайынынан Амма лиссиэйин 8 “б” кылааһын үөрэнээччитин Кэскил Исаковы ааттаата. Маны таһынан, бөлөҕүнэн лауреаттар, дипломаннар мэҥэ суруктары, суруйааччы дьиэ кэргэнин аатыттан өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттулар.

Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар, маҥнайгы президеммит М.Е. Николаев ситимин оскуолаларын икки ардыларыгар, куйаар ситимин нөҥүө «Эһэм сүтүгэ» кэпсээн уонна «Мэтээл» киинэ тула  9-11 кылаастарга аһаҕас кэпсэтиини лиссиэй саха тылын учуутала Мария Дмитиревна Ноговицына тэрийдэ. Бу кэпсэтиигэ оҕолор сахалыы саҥаларын сааһылаан саҥарарга, санааларын аһаҕастык сайа этэргэ холоннулар.

Манна эбии, Иннокентий Михайлович Сосин эколог-суруйааччы буоларын быһыытынан, ЭКО-ПЛАКАТ күрэҕэ ыытылынна. Бу күрэххэ кыайыылааҕынан А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй 10 б” кылааһын үөрэнээччилэрэ таҕыстылар.

Онтон Иннокентий Михайлович Сосиҥҥа аналлаах түмүк тэрээһин кыайыылаахтары уонна ыҥырыылаах ыалдьыттары, үөрэппит оҕолорун ахсынньы 1 күнүгэр, суруйааччы үлэлээбит Бөтүҥ орто оскуолатыгар, литература, поэзия түһүлгэтин кэрэ эйгэтигэр түмэ тарта. Бу тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааһан, мустубут дьон бука бары астынан, Бөтүҥ оскуолата уонна лиссиэй көмөлөөн таһаарбыт, Иннокентий Сосиҥҥа аналлаах балаһаны, «Кэскил» хаһыаты бэлэх тутан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Наталия РЯЗАНСКАЯ.

Читайте дальше