Бу күннэргэ Амматааҕы оҕо уопсастыбаннай тэрилтэлэрин кытта үлэлэһэр тэрилтэлэр дириэктэрдэрин сүбэһитэ Майя Карманова улахан тэрээһиҥҥэ кытта Санкт Петербург куоракка айанныа. Ол ханна, тугуй диир буоллахха маннык.
«Ленинград блокадатын 80 сылыгар анаммыт күрэххэ Ленинградскай уобаласка 1942 сыллаахха уоттаах сэриигэ сураҕа суох сүппүт эһэм Кондратий Павлович Павлов туһунан кэпсээнинэн кыттыбытым. Онно кыайыылаах тахсан, тохсунньу 25-29 күннэригэр блокада үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт тэрээһиннэргэ кыттарга ыҥырыы тутан долгуйдум. Талыыны өрөспүүбүлүкэттэн соҕотох аастым. Миигин кытта бу слекка «Волонтеры Победы» хамсааһын региональнай отделениетын салайааччыта Тимур Егоров барар. Онон бу улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ иккиэ буолан өрөспүүбүлүкэттэн кыттыыны ылыахпыт. Мин билигин аҕам туһунан кинигэ оҥоро сылдьабын. Онно эһэм туһунан туспа салаа киллэрдим. Эһэм Ленинград блокадатын кэмигэр куораты көмүскээбитэ. Эһэм аатын ааттата, сырдык кэриэһин өрө тута сылдьарбынан киэн туттабын»,- диэн Майя Карманова санаатын үллэһиннэ.