Балаҕан ыйын 8-10 күннэригэр буолбут быыбарга улууспутугар Абаҕа нэһилиэгэр баһылык дуоһунаһыгар болдьоҕун иннинэ быыбар буолбута. Манна үс кандидат бэрт чиэһинэйдик, ыраастык киирсэннэр, быыбардааччылар 55,3 бырыһыан куоластарын ылан Максим Семенов баһылыгынан талыллыбыта. Алтынньы 4 күнүгэр баһылык солотугар киирэр тэрээһинэ бар дьонун мунньан ыытылынна.
Баһылык солотугар киирэр тэрээһини “Түһүлгэ” ансаамбыл сахалыы үҥкүүнэн аста. Быыбар түмүктэрэ бар дьоҥҥо өссө төгүл иһитиннэриллэн, учаастактааҕы быыбар хамыһыйатын бэрэсэдээтэлин солбуйааччы Анна Карпова талыллыбыт баһылыкка дастабырыанньаны туттарда. Баһылык эппиэтинэстээх бурҕалдьытын кэппит Максим Семенов бар дьонун ортотугар андаҕар тылын тириэртэ. Нэһилиэк олоҕун бэлиэ тэрээһинигэр Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов, Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта, улуус дьокутаата Ион Кононов, Болугур нэһилиэгин баһылыга Андрей Петров, Мээндиги нэһилиэгин баһылыга Илья Семенов, Соморсун нэһилиэгин баһылыга Алексей Кононов, Дьокуускай куораттан биир дойдулаахтара, урбаанньыт Александр Попов кэлэннэр кыттыыны ыллылар, истиҥ эҕэрдэлэрин, баҕа санааларын тириэртилэр, бэлэхтэрин утары ууннулар.
Баһылык солотугар киирэр сиэрин-туомун үлэ, тыыл бэтэрээнэ, Амма улууһун, Абаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, ытык кырдьаҕас Валерий Степанович Скрябин уонна Абаҕа нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ үтүөлээх зоотехнига, Абаҕа нэһилиэгин бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Маргарита Егоровна Смитина толорон, үрүҥ көмүс бэлиэни түөһүгэр ииллилэр, бастыҥын бигэргэтэн Дьорбуоҥка бэргэһэни кэтэртилэр.
Сахалыы тойукка доҕуһуоллатан баһылыкка кыынньар кымыһы сиэри-туому ситэрэн тойон чороонтон айах туттулар. Дьэ бу кэнниттэн Максим Семенов баһылык буолбутун туоһулуур бэлиэни, Ытык Дуоҕаны тутта. Дуоҕаны киниэхэ нэһилиэк аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта Егор Гоголев туттарда.
Бу күн чахчы да бу иннинэ таһаарыылаахтык үлэлээн ааспыт Макар Тимофеевы ахтан санаан аастылар, кини сөбүлээн истэр ырыатын Екатерина Яковлева толордо. Түмүккэ эдэр ыччаттар “Күннээх Амма” ырыаны мустубут дьоҥҥо бэлэхтээтилэр.
“Миигин итэҕэйэн бэйэлэрин куоластарын биэрбит дьоммор, биир дойдулаахтарбар истиҥ махталбын тириэрдэбин. Иннибитигэр элбэх үлэ күүтэр. Бу иннинэ үлэлээбит баһылыкпыт Макар Ильич Тимофеев, кини хамаандата туруоруммут сыалын-соругун салгыы ситэрэргэ, олоххо киллэрэргэ үлэлэһиэм. Абаҕа былааҕын түһэрбэккэ иннибит диэки баран иһиэххэ наада. Мн дойдубар олохсуйардыы 31 сыл буолан баран кэллим. Ол иннинэ олох кэлбэт этим диэн буолбатах. Хас сайын, күһүн аайы кэлэн барар этибит. Баһылыкка бэйэм быһаарынан, төрөөбүт дойдубар букатыннаахтык көһөн кэлэргэ быһаарына сылдьыбытым. Онон салгыы үлэлээн, бэйэм эмиэ саҥа сүүрээннэри киллэрэн үлэлэһиэхпит. Дьон итэҕэлин ылар улахан эппиэтинэс буолар. Мин бу баһылык дуоһунаһыгар киирэн туран, хас биирдии Абаҕа нэһилиэгин олохтооҕун интэриэһин көмүскүөм, кини кыһалҕатын быһаарарга сүүрүөм-көтүөм диэн этэбин. Тапталлаах Абаҕабыт туһугар туох баар күүспүн-сатабылбын ууран туран үлэлиэхпит диэн эрэннэрэбин”, — диэн саҥа талыллыбыт баһылык Максим Владимирович санаатын тириэртэ.
Саҥа баһылыкка, нэһилиэгин олоҕун уйгута тупсарыгар, дьоно-сэргэтэ туруктаах олохтоноругар ыытар үлэтигэр ситиһиилэри баҕарабыт.
“Амма олоҕо” хаһыат