Амма улууһун төрүттээбит бастакы кулуба Афанасий Рязанскай аатынан Соморсун орто оскуолатын боруогун быйыл 14 кырачаан атыллаата.
Соморсун дьоллоох туонатыгар Билии күнүн үөрүүлээх линейката ураты буолла. Бу күн күндү ыалдьыттарынан Амма улууһун баһылыгын тыа хаһаайыстыбатыгар солбуйааччыта Ион Кононов, Соморсун нэһилиэгин баһылыга Алексей Кононов, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, поэт Семен Капитонов кэргэнинээн Елизавета Семеновналыын, Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Соморсун орто оскуолатын Бочуот кинигэтигэр киирбит выпуснига Николай Рязанскай уонна кини олоҕун аргыһа Екатерина Филипповна, Соморсун орто оскуолатыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбит ветеран учууталлар, нэһилиэк тэрилтэлэрин салайааччылара, төрөппүттэр, нэһилиэк олохтоохторо буоллулар.
Үөрүүлээх чаас Россия, Саха сирин, Амма улууһун, Соморсун нэһилиэгин былаахтарын өрөгөй ырыаларынан доҕуһуоллатан күөрэччи көтөҕүүттэн саҕаланна. Бу үрдүк соругу Соморсун орто оскуолатын туйгун үөрэнээччилэрэ толордулар. Саамай долгутуулаах, бэлиэ түгэнинэн худуоһунньук Николай Рязанскай Амма улууһун төрүттээбит бастакы кулуба – Афанасий Петрович Рязанскай төрөөбүтэ 150 сылыгар анаан уруһуйдаабыт айымньытын оскуола коллективыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыыта буолла. Үбүлүөйдээх сыл кэрэһэтин, А.П. Рязанскай аатынан оскуола үөрэнээччилэрэ буолалларын туоһулуур значогу оскуола хас биирдии үөрэнээччитэ түөһүгэр иилилиннэ. Кырачааннар нэһилиэк тэрилтэлэрин бары салайааччыларын өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттулар. Сыллата буоларын курдук, оскуола коллектива ветеран учууталларга, ыалдьыттарга анаан күһүҥҥү байанай, быйаҥ бэлэхтээх сандалыларын күндүлээн, аҕам дьон үөрүүтэ үрдээтэ.
Үбүлүөйдээх сыл бастакы лыҥкыначчы тыаһаабыт чуораана, оскуола маҥнайгы кылааһын уонна бары үөрэнээччилэригэр, учууталларыгар чэгиэн туругу, билии, сайдыы туһугар дьаныардаах үөрэҕи, үлэни, дьолу-соргуну тосхойдун, бүгүн этиллибит алгыс тыллар туоллунар!
Надежда БЕЛОЛЮБСКАЯ.