Мээндигигэ «Түмсүү күүһэ» кинигэни сүрэхтээтилэр

Мээндиги нэһилиэгэр  «Сырал » элбэх оҕолоох ийэлэр түмсүүлэрин 15 сыллаах үлэлэрин түмүгүн кэпсиир  «Түмсүү күүһэ» диэн кинигэтэ  сүрэхтэниитин дьоро киэһэтэ ыытылынна. Кинигэни өр сыл «Сырал» түмсүү салайааччытынан үлэлээбит СӨ култууратын туйгуна Нелли Пухова, түмсүү саҥа салайааччыта Антонина Говорова түмэн, олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччыта  Альбина Филиппова  эрэдээктэрдээн таһааттардылар.

 

Тэрээһиҥҥэ түмсүү элбэх оҕолоох далбар хотуттарын биирдии талааннара көрдөрүлүннэ, кинилэр дьиэ
кэргэттэрин, оҕолорун, сиэннэрин хаартыскаларынан быыстапка оҥоһулунна, биографическай хабааннаах түмсүү кинигэтин олохтоох дьаһалта  (баһылык Семенов Илья Владимирович)  үбүлээтэ.  Барыта өҥнөөх  хаартыскалардаах кинигэ  улуустааҕы «Амма олоҕо»  хаһыат эрэдээксийэтигэр таҥыллынна уонна  бэчээттэннэ. Саҥа таһаарыыны кэлбит дьон бэркэ сэҥээрэ көрдүлэр.  Биэчэр сүрүн чааһын  олохтоох бибилэтиэкэр  Матрена Захарова  ыытта. Ону таһынан «Алгыс» кулууп кэлэктиибэ  (директор Попова Светлана Николаевна) оонньуулары, музыкальнай эҕэрдэлэри ыытан биэчэри киэргэттилэр. Түмсүү күүһүнэн мааны остуол тардыллан, сыаналаах бириистэр туттарыллыннылар.

Түмсүү кыттыылаахтара бэйэлэрэ оҥорбут дэйбиирдэрэ, олбохторо, сахалыы суумка, илин кэбиһэр, барыанньалар бириискэ туруоруллан  ыалдьыттар биһирэбиллэрин ыллылар. Ол курдук сүрэхтэниигэ ыаллыы сытар Соморсун нэһилиэгиттэн баһылык солбуйааччыта Надежда Белолюбская, бэтэрээннэр  Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ  Анна Лебедева,  Полина Нестерева, Антонина Степанова  кыттыыны ыланнар  күндү ыалдьыт буоллулар.

Мээндиги нэһилиэгин баһылыга Илья Семенов  кинигэни таһаарыыга үлэлэспит, өр сылга түмсүүнү салайбыт   Нелли Викторовна  Пуховаҕа «Нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо», Антонина Гаврильевна Говороваҕа, Анастасия Иннокентьевна Филипповаҕа  «Нэһилиэк сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэри туттаран нэһилиэк туһугар ситиһиилээх, махталлаах үлэлэрэ сыаналанна.

Биэчэр, кинигэ ис хоһооно даҕаны, улахан дьиэ кэргэттэр ийэлэрин сыралаах үлэлэрин сырдатан Дьиэ кэргэн сылыгар ананна. «Түмсүү күүһэ» кинигэ улуус общественнай түмсүүлэрин үлэлэригэр холобур буолан биир бастакынан бэчээккэ таҕыста. «Сырал» түмсүү үлэтэ өссө таһаарыылаах буоллун, нэһилиэккит, улуускут сайдыытыгар өссө да үлэлээн, хамсаан диэн алгыспын аныыбын.

Матрена ЗАХАРОВА

Читайте дальше