Мээндигилэр кэлэр отчуоту саҥа саалаҕа истэр эрэл санаалаахтар

СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуоттуур бастакы бөлөҕө иккис күнүгэр  кырыс сир бөһүөлэгинэн ааттаммыт Мээндиги нэһилиэгэр тиийдэ.  Нэһилиэк баһылыга Илья Семенов  «отчуот сарсыарда эрдэ күн тахсыытыттан биһигиттэн саҕаламмыта үчүгэй,  нэһилиэкпитигэр күн тахсар буолла» диэн бэлиэтээбитэ хайдах эрэ уот харахха буолла.

Отчуокка олохтоохтор араас суол боппуруостары, эмиэ да этии, эмиэ да боппуруос курдук биэрэн санааларын тириэртилэр. Ол курдук үрдүк күүрүүлээх уоппут бырайыагын дьылҕата хайдаҕый, нэһилиэккэ спортсаала суоҕа спорт сайдыытыгар олус охсуулааҕын,  оскуолалара эмиэ эргэрэн  тымныытын, онон хайаатар да хапытаалынай өрөмүөн барара уолдьаспытын, нэһилиэккэ дьон олохсуйарыгар,  элбииригэр тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтин тэрийэр наадатын, төлөпүөнүнэн түөкүннээччилэри тутуу хайдаҕын, култуура дьиэтэ эргэрбитин, саҥа тутуу барыаҕын баҕаралларын, бэйэни салайыныы боппуруостарыгар  тохтоотулар, этиилэрин киллэрдилэр. Манна ыаллар 100 бырыһыан киин ититэр ситимҥэ холбонон олорор буолан бу өртүгэр олох боппуруос турбата. ОДьКХ учаастагын салайааччыта Гаврил Филиппов улуус баһылыга Степан Кузьмин кэлэ сылдьан, кинилэр үлэлиир сирдэрин ыраастык туталларын хайгыы, сэргии көрөн, үлэһиттэр сынньаналларыгар дьыбаан бэлэхтиэх буолбутун, ол тылыгар турбутун иһин махталын биллэрдэ.

Көрсүһүү кэмигэр мээндигилэр дьэ биир саамай туруорсар туруорсуулара үөрэнээччилэр, ыччат да дьон кэлэн дьарыктанар спортсаалалара тутуллар буолбута билиннэ. Буолаары буолан бу сылга саҕаланан үлэҕэ киирэрин мэктиэлээтилэр. Сергей Васильевич маннык түргэн ньыманан тутуллар модульнай спортивнай саалалар тутуллан киирбиттэрин, ол эбэтэр Алдаҥҥа биир уонна Дьокуускай куоракка икки саала сааскыттан саҕаланан баран күһүҥҥэ диэри түмүктэммиттэрин эттэ. Ону истэн  олохтоохтор кэлэр сылга отчуоту ол саалаҕа олорон истиэхпит буоллаҕа диэн улахан эрэл санаалаах хааллылар. Ааспыт сылга үгүс үлэ ыытыллыбытын бэлиэтээн тураннар, бары биэрбит ыйытыыларыгар эппиэттэри ыланнар, биир санаанан отчуоту  биһирииллэрин биллэрдилэр, махталларын тириэртилэр.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше