Мээндигилэр сөптөөх хайысханы тутуһан үлэлииллэр

Мээндиги нэһилиэгин баһылыга Илья Семенов Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа эпиирдэрин өрүү көтүппэккэ көрөр. Бу да сырыыга хас да боппуруоска санаатын үллэстэр.

“Бастакытынан, оскуола оҕолоруттан саҕалаан байыаннай-патриотическай үлэни күүһүрдүөххэ наада диэн этиитин сэҥээрэ иһиттим. Мээндиги нэһилиэгэр сөптөөх хайысханы тутуһан үлэлии сылдьар эбиппит диэн астына санаатым. Сайын аайы ыытар «Боотур үөрэҕин», оскуолаҕа Карбышевскай хамсааһыны, «Хатан» военизированнай базаны тутууну өссө тэтимнээхтик, күүскэ ыытыахха наадатын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин бырагырааматыгар урукку «Үрүҥ Уолан», «НВП» программатын саҥардан, уларытан киллэриэххэ наада эбит диэн санааларга кэллим.
Иккиһинэн, быраастар, фельдшердэр тыа сиригэр кэлэллэрэ аҕыйах, сэдэх. Земскэй быраас, фельдшер харчытын үрдэтэбит уонна олорор усулуобуйаларыгар болҕомто ууруохпут диэбитин бииһирии иһиттим.
Үсүһүнэн, Крым оҕолоро спортзалларын туруорсубуттарын уонна регион салалтата сонно тута быһаарбытын сөҕө, махтайа көрдүм. Биһиги спортзалбытын эмиэ итинник бэрэсидьиэҥҥэ быһаччы эрэ таҕыстахпытына табыллыыһы дуу дии санаатым”, — диэн Илья Владимирович нэһилиэк ыытар үлэтэ-хамнаһа сөптөөҕүн иһитиннэрдэ.

Вера ИВАНОВА.

Читайте дальше