Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха Этиитин туһунан бэйэтин санаатын Амма улууһун кылаабынай бырааһа, СӨ Доруобуйатын харыстабылын туйгуна Михаил Архипов үллэстэр.
“Дойдубут салайааччыта сылын аайы оҥорор Этиитин куруутун да кэтэһэбин. Тоҕо диэтэр манна кини элбэх саҥа уларыйыылары этэр, салгыы үлэлииргэ этиилэри киллэрэр. Онон бары да салайааччылар Владимир Владимирович Анал Этиитин болҕойон олорон истэбит. Мин манна элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ социальнай көмө оҥорууга “Семья” диэн национальнай бырайыак киирбитин олус биһирээтим. Ол курдук ордук болҕомтону үстэн элбэх оҕолоох ыалларга ууран, бэриллэр социальнай төлөбүрдэрэ үрдүүрэ, дьиэ кэргэн олоҕун таһымын улаатарыгар көмө буолуо дии саныыбын. Уопсайынан хас да национальнай бырайыактар киирэр буоллулар. Ол курдук холобура ити “Семья”, “Молодежь”, “Кадр” диэн. Аны биир олус үөрэ истибитим, нэһилиэктэргэ баар балыыһалары, ФАП-тары, врачебнай амбулаториялары тутуу салгыы 2030 сылга диэри барыа диэтэ. Аны киһи олорор орто сааһа 73 эбит буоллаҕына, 2030 сылга диэри 78 саас буолуохтаах диэн сорук туруорда. Бу сорук биһиэхэ үрдүк кэрдиис буолар. Маны толорорго элбэх үлэ ыытыллыан наада. Аны саамай үчүгэйэ диэн, диспансеризацияны барар уонна чөл олоҕу тутуһар, спордунан дьарыктанар дьоҥҥо нолуок вычетын оҥоруохха диэн этиини киллэрбитэ буолар. Чопчулаан эттэххэ, диспансеризацияны барааччыларга уонна ГТО нуорматын туттарааччыларга. Олус үчүгэй дии. Оччотугар дьон бэйэтин доруобуйатыгар кыһаллар уонна өссө ол кыһаллыбытын иһин дойду харчы биэрэр. Мин саанабар маннык быһаарыныы ханнык да дойдуга суоҕа буолуо. Онон уопсайынан ылан эттэххэ, олус дьоһун, киэҥ ис хоһоонноох этии оҥоһуллунна. Бары эйгэни таарыйан туран биһиги дойдубут инники алта сылга сайдарыгар чуолкай соруктар турдулар. Олор олоххо киириилэригэр бары биир киһи курдук түмсэн үлэлиэхтээхпит, айыахтаахпыт-тутуохтаахпыт”, — диэн Михаил Архипович Анал Туһаайыыга санаатын тириэртэ.
“Амма олоҕо” хаһыат