Олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама чэрчитинэн Амма улууһун киинигэр саҥа сквер аһыллар үөрүүлээх күнэ улуус бары нэһилиэктэриттэн уопуттаах суоппардары түмтэ. Таһаҕаһы, дьону таһыыга хара көлөһүннэрин тоҕон кыһыҥҥы бытархан тымныыны, сайыҥҥы өҥүрүк куйааһы аахсыбакка үлэлээн ааспыт, үлэлиир дьон ааттарын үйэтитэр “Суоппар скверэ” айан суолун аартыгар баар буолла.
2020 сылтан Амма улууһун суоппардарын туруорсууларынан олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамаҕа киирсэн, нэһилиэнньэ көхтөөх куоластааһынын түмүгүнэн кыайан эбийиэк үлэҕэ киирэр күнэ тосхойдо. Ону туоһулуур аалай лиэнтэни быһар чиэһи Амма улууһун баһылыгын тутууга солбуйааччы Виктор Смирников, Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев, үлэни ыыппыт бэдэрээччит “Регион-Сервис” ХЭТ дириэктэрэ Андрей Ядрихинскай, урбаанньыт Николай Алексеев уонна “Сахадортранс” ХЭТ учаастагын начальнига Николай Акимов сүктүлэр.
“Уордьаннаах суоппардар”, “Биһиги бэтэрээннэрбит – Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтара”, “Социалистическай куоталаһыы кыайыылаахтара”: (чемпион суоппардар), пятилетка ударниктара, “СӨ тырааныспарын үтүөлээх үлэһиттэрэ”, “СӨ автомобильнай тырааныспарын бочуоттаах үлэһиттэрэ”, “Автомобильнай тырааныспар бэтэрээннэрэ” диэн испииһэктэнэн Амма улууһун чулуу суоппардарын аата сүүнэ улахан стендэҕэ үйэтитилиннэ. Дуосканы Амма улууһун суоппардарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Егор Шамаев уонна кырдьаҕас суоппар Егор Пестерев арыйдылар.
Эбийиэк уопсай суумата 2 мөлүйүөн 660 тыһыынча солкуобай. Мантан 2 мөл. солк. өрөспүүбүлүкэ, 300 тыһ. солк Амма нэһилиэгин дьаһалтатын бүддьүөттэриттэн көрүлүннүлэр, маны тэҥэ Амма улууһун суоппардарын ассоциацията 260 тыһыынча, олохтоох нэһилиэнньэ 100 тыһыынча солкуобайы кыттыстылар. Үлэ манан эрэ бүппэт диэн Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев этэр:
-Бу сквер бастакы идеята Амма нэһилиэгин өр сыл үлэлээбит бочуоттаах суоппардарын аатын үйэтитэр стендэни олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагырааманан оҥотторуу этэ. Ону атын нэһилиэктэр суоппардара этии киллэрэннэр, сүбэлэһэммит улуус хабааннаах буолан таҕыста. Биллэн туран, бастакы сырыытыгар сыыһалар-халтылар баар буолуохтарын сөп, ким эрэ аата киирбэккэ игин хаалбыта буолуо, сорохтор саастарын тухары үлэлээн баран туох даҕаны наҕараада ылбакка хаалбыттар. Ону дьаһалтаҕа тиэрдэҥҥит, ходатайство киллэрэҥҥит хамыыһыйаҕа көрөммүт киллэрэн биэриэхпитин сөп. Инники өттүгэр сквербитигэр көҕөрдүү үлэтэ барыаҕа, тупсаран иһиэхпит,- диир Михаил Алексеевич.
Сквер үөрүүлээх аһыллыытыгар нэһилиэктэр баһылыктара, баһылыктар солбуйааччылара кэлэннэр бэйэлэрин үлэһит дьонун бар дьон ортотугар ааттаан, Махтал суруктарын туттарбыттара үөрүүнү, тэрээһин далааһынын өссө үрдэттэ.
“Амма олоҕо” хаһыат.