Москва куоракка бэтэрээннэр Саха сирин рекордун олохтоотулар

Дойдубут тэбэр сүрэҕэр бэтэрээннэр ортолоругар чэпчэки атлетикаҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы чемпионат буолан ааста. Чемпионакка бэтэрээннэр тоҕус  өрөспүүбүлүкэ рекордун олохтоотулар.


“Москва куоракка бэтэрээннэр ортолоругар ыытыллыбыт чэпчэки атлетика чемпионатыгар Саха сирин хамаандата ситиһиилээхтик кыттан кэллибит. Ол курдук Саха сирин 9 рекордун олохтоотубут. Дария Федорова 400 миэтэрэҕэ рекорд олохтоон хамаандаҕа очко бөҕөтүн аҕалла. Уопсайа хамаандабыт  40-ча мэтээллээх кэллибит уонна саамай күүстээх санаалаах, биир сомоҕо хамаанда аатын ыллыбыт. Мин бэйэм маннык чемпионакка  бэһис төгүлүн кыттабын.

 

 

Инники сылларга 5 км,10 км сүүрэн иккитэ ити дистанцияларга 3 миэстэ буолбутум, онтон үһүс  сырыыбар 10 км — 3 миэстэни ,5 км- 4 миэстэни ылаттаабытым. Онтон былырыын 10 км – 4 миэстэ, 200 м – 3-с уонна быйыл 100 м — 3 миэстэ ,5 уонна 10 км иккиэннэригэр 4 миэстэ буолан кэллим. Онно Саха сирин дьахталларын уонна эр дьоннорун хамаандалара  эстафетаҕа 3 миэстэ буолбуппут. Ол иннинэ дьахталлар хамаандалара  чемпионнаабыппыт. Күрэхтэһии үс күн устата буолла. Сарсыарда 8 чаастан саҕаланалллар. Сүүрэр  кэмнэрбитигэр күн -дьыл олус итии этэ. Ол курдук  32-34 кыраадыс итии турда. Аны үһүс күҥҥэ сарсыарда курулас ардах бөҕө буолан баран,  түргэнник тохтообута. Ол гынан баран аны инчэҕэй сүүрэр суол  сыралҕана сүрдээх этэ. Эр дьону ардаҕы аннынан сүүрдүбүттэрэ. Бириэмэни олох тутуһаллар. Ардах күүскэх түһэр кэмигэр биэс эрэ мүнүүтэ кэтэспиттэрэ. Онон дьэ кытаанах усулуобуйаҕа сүүрэн кэллибит.

 

Бу чемпионакка сылдьан баран биһиэхэ өрөспүүбүлүкэбитигэр бэтэрээннэр спордарын  өйөөбөттөр уонна сэҥээрбэттэр даҕаны диэн санаа киирдэ. Дьиҥинэн  саастарынан ыллахха манна 35 тэн үөһээ саастаах дьон эмиэ киирсэллэр. Барар кэлэр айаммытын бэйэбит уйунабыт. Биир форма туһунан санатыаххын да куттанаҕын. Бэтэрээннэр  бэйэлэрин баҕаларынан, сөбүлүүр көрүҥнэригэр баран кыттан кэлэллэр, Арассыыйа  ааттаахтарын кытта күөн көрсүһэр баҕа санаалара күүстээҕинэн, спорт дьиҥнээх фанаттара эрэ буолан баран кыттан кэлэллэр. Кыайыы, ситиһии көтөллөөх кэлэн дойдуларын дьонун үөрдэн, күрэхтэһэ сылдьан хас миэстэ аайы  Сахаларын сирин ааттатан атын регионнары сөхтөрөллөр, соһуталлар даҕаны. Инникитин спорт министиэристибэтэ бэтэрээннэргэ болҕомтотун уурарыгар баҕарыам этэ”, — диэн  спорт бэтэрээнэ Александра Ноева санаатын үллэһиннэ.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше