Муударай сүбэһит, аҕа табаарыс курдук сүрэхпитигэр илдьэ сылдьыахпыт

Бу күннэргэ Саха сирин биир чаҕылхай сулуhа, биhиги бастакы Бэрэсидьиэммит  Михаил Ефимович  Николаев суох буолла. Суох буолла… Курус да тыллар, хайдах эрэ бэйэбитин тулаайах хаалбыт курдук  сананныбыт…

Бу курус күннэргэ кэнники 30 сыл биhиги лицейбыт Михаил Николаев аатын кытта ыкса сибээстээх эбит диэн  өйдөбүл кэллэ. 1993 сыл Бэрэсидьиэн Ыйааҕынан улуустарга инновационнай оскуолалар аhыллан барбыттара. Оччолорго биhиги Амма аҕыс кылаастаах оскуолабыт иккис сылын орто оскуола буолан үлэлээн эрэр кэмэ этэ. Ону ол диэбэккэ, оскуолабыт саҥа хайысхалаах оскуола буолар эбит диэн, кытаанах быhаарыныы ылынан  Амма педагогическай гимназията буолбуппут.  1997 сыл Михаил Ефимович  саҥа аhыллыбыт гимназиялары, лицейдэри Бэрэсидьиэн ситимин оскуолаларыгар киллэрбитэ. Бэйэтэ попечитель буолбута уонна биhиги иннибитигэр кытаанах соруктары туруорбута. Ол быһыытынан оҕолорбут 100 бырыhыан үрдүк үөрэххэ киириэхтээхтэрэ, чинчийэр үлэнэн утумнаахтык дьарыктаныахтаахтара, компьютернай технологиялары баhылыахтаахпыт уонна атын оскуолалары хамсатар локомотив оскуолалар буолуохтаахпыт. Хайаатар да сылга биирдэ  дириэктэрдэри  кытта көрсүhэн оччуоттатар этэ, ол кэннэ үрдүктэн үрдүк сыаллары туруорара. Бу ситимҥэ үлэлиир учууталларга ирдэбил үрдүк этэ. Хайаан да научнай  үлэнэн дьарыктаныы, үөрэх саҥа технологияларын баhылааhын, бэйэҥ авторскай ньымалаах буолуохтааххын, семинардары, курстары ыытыахтааххын. Ол курдук Амма педгимназиятыгар аҕыйах сыл иhигэр 6 наука кандидаттара иитиллэн тахсыбыппыт, араас авторскай курстары ыытарбыт, саҥа үөрэх бырагыраамаларын, учебниктары оҥорбуппут. Аны оҕолор чинчийэр үлэнэн утумнаахтык дьарыктаналларын ситиспиппит. Сылтан сыл аайы «Шаг в будущее» конференция кыайыылахтара элбээбиттэрэ. Ол кэмтэн 27 сыл ааста. Бу хамсааhын нөҥүө тыhыынчанан Амма оҕолоро аастылар, сорохторо бүгүн наука кандидаттара, доктордара буола улааттылар. Компьютернай технологиялары баhылаан, «Имидж» диэн информационн-техническэй студиябыт оскуола технопаркатыгар тиийэ сайынна. Ити студияҕа сылдьыбыт оҕолорбут Дмитрий Давыдов, Семен Аманатов, Иннокентий Сивцев билигин саха киинэтин инники кирбиитигэр сылдьалларыттан киэн туттабыт. Михаил Ефимович дьаhалынан аhыллыбыт кадрдары сылыктыыр уонна  аттарар Департамент нөҥүө  элбэх оҕо Москва, Санкт-Петербург, Сибиир, Дальний Восток саамай ааттаах-суоллаах  университеттарыгар үөрэнэн Саха сиригэр, Арассыыйаҕа ситиhиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Ити элбэхтэн аҕыйах холобур Михаил Ефимович, үөрэх, эдэр дьону итии — кэлэр кэскилгэ, норуот сайдарыгар сүдү күүс буоларын өйдүүрүн уонна өйүүрүн туоhулууллар. Кэнники биэс сыл 11 оскуола буоламмыт  Бэрэсидьиэн оскуолаларын ситимин саҥардыыга үлэлээн кэллибит.  «Саха өрөспүүбүлүкэтин маҥнайгы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович  Николаев ситимин оскуолаларын» тэрийэн, үлэбитин саҥа үйэ ирдэбиллэригэр сөп түбэhиннэрэн сөргүтэн биэрдибит. Михаил Ефимовичка тахсан, маннык ситиммитин сөргүтүөхпүтүн баҕарабыт диэбиппитигэр наhаа үөрбүтэ уонна сэҥээрбитэ. Сылга иккитэ хайаатар да  көрсөн биhиги тугу оҥорбуппутун истэрэ, итэҕэстэрбитин ыйара, сүбэ-ама биэрэрэ уонна саҥа соруктары туруорара. Оскуола оҕолорун кытта истиҥник кэпсэтэрэ, билиҥҥи олоххо төһө бэлэмнээхтэрин тургутан көрөрө уонна билиҥҥи кэмҥэ “мах” бэрдэрэн тохтоон хаалбакка, инники диэки дьулуурдаахтык барыҥ, сайдыҥ, сомоҕолоhуҥ диэн ыҥырара. Сыл-хонук түргэнник ааhар. Михаил Ефимович Николаев биhиги өйбүтүгэр-санаабытыгар дойдутугар бэриниилээх, куруук муударай сүбэhит, аҕа табаарыс  курдук халыа.

Дария Захарова, «Амматааҕы академик

Л.В. Киренскэй аатынан лицей» директора,

педагогическай наука кандидата,

М.Е Николаев «Знанием победишь» стипендиятын лауреата,

Саха сирин бастакы президенын фондатын

«Во славу и пользу республики» орден кавалера