Мүөттээх ыҥырыалары иитиигэ улуустааҕы бырагыраама оҥоһуллуо

Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин мүөттээх ыҥырыаны иитиинэн дьарыктанар дьону түмэр, үлэлэрин сүрүннүүр улуустааҕы Ассоциация бэрэссэдээтэлэ Эльвира Пестереваны уонна бу дьыалаҕа улахан уопуттаах, аммаларга куратор Марат Заляловы кытта көрүстэ.

“Бу көрсүһүүгэ биһиги баһылыкка бэйэбит үлэбитин-хамнаспытын, баар кыһалҕаларбытын билиһиннэрдибит. Билэргит курдук Марат Рафаилович быйыл ыытыллыбыт мүөттээх ыҥырыаны сайыннарар хаһаайыстыбаларга анаммыт субсидия көрүүтүн күрэҕэр Амма улууһун аатыттан кыттан, кыайыылаах тахсан 5 мөл. солк. субсидияны ылбыта. Кини бу субсидия көмөтүнэн биһиги усулуобуйабытыгар ыҥырыалар боруодаларын тупсарыыга үлэлэһиэхтээх. Онон манна бу өттүгэр улууска улахан үлэ ыытыллыа. Баһылыгы кытта инники былааны дьүүллэстибит. Манна даҕатан эттэххэ, салалта биһигини өйүүр, күүс-көмө буолар диэн этиэххэ наада. Бу көрсүһүүгэ биһиги Степан Николаевыһы кытта кэпсэтии түмүгэр инники биэс сылга мүөттээх ыҥырыанан дьарыктаныы бырагырааматын оҥостор буоллубут. Санатан эттэххэ өрөспүүбүлүкэҕэ регистрацияламмыт биһиги эрэ улууспутугар “ Пчеловоды Амги ” диэн НКО баар”, — диэн Эльвира Васильевна сырдатта.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше