Абаҕа нэһилиэгин историятыгар өссө биир бэлиэ, үөрүүлээх күн үүннэ. Үстүүн Нохсоороп аатынан Духуобунас киинэ саҥалыы тыыннанан, хапытаалынай өрөмүөн кэнниттэн аанын тэлэччи арыйда. “Култуура” национальнай бырайыак чэрчитинэн Духуобунас киинэ ис өттө аныгылыы, саҥалыы тыыннанна.
Бу үлэни Трофимов Алексей Констнтинович салайааччылаах “АлгысСтрой” ХЭТ аҕыйах бириэмэ иһигэр оҥорон болдьоммут кэмигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Ону таһынан, саҥа уот-күөс, музыкальнай аппаратура кэлэн үлэһиттэр, нэһилиэк олохтоохторо үөрүүлэрэ муҥура суох.
Тэрээһин Абаҕа нэһилиэгин дириҥ историятын, олоҕун – дьаһаҕын кэпсиир тэттик документальнай киинэнэн саҕаланна. Кулууп аһыллыытыгар үгүс киһи мустан, саҥалыы тыыннаммыт кулуубу көрөн астынан, үөрэн – көтүн, сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ. Амма улууһун баһылыгын тутууга салаа солбуйааччыта Виктор Смирников, оройуон култуураҕа уонна норуот айымньытын салаатын салайааччыта Иван Иванов, Амма нэһилиэгин баһылыга Михаил Артемьев, Мээндиги нэһилиэгин баһылыга Илья Семенов кэлэн эҕэрдэ тылларын, баҕа санааларын эттилэр.
Бу күн биир уратытынан Абаҕа нэһилиэгин убаастанар, ытыктанар, айар куттаах ыала Татьяна Филипповна Антонова уонна Прокопий Васильевич Карманов ыал буолан олорбуттара 50 сылын үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтэниитэ буолла. 50 сыл бииргэ олорбуттарын туоһулаан Амма улууһун ытык ыалларын кыһыл кинигэтигэр бар дьоннорун иннигэр илии баттаатылар. Үгүс эҕэрдэ тыллар, баҕа санаалар этилиннилэр.
Аһыллыы түмүктүүр чааһыгар Үстүүн Нохсоороп аатынан духуобунас киинин куруһуоктарын кыттааччыларын турбут кэнсиэр буолла. Ырыа-тойук, үҥкүү-битии, көр-күлүү оройуттан тутулунна. Кэлбит ыалдьыттар, нэһилиэк олохтоохторо астынан-дуоһуйан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар.
Юлия ЯКОВЛЕВА.