“Национальнай бырайыактар” хотуулаахтык үлэлиир холобурдарын Абаҕаҕа көрөбүт

“Доруобуйа” национальнай бырайыагынан саҥа врачебнай амбулаториялаах, “Култуура” национальнай бырайыагынан хапытаалынайдык өрөмүөннэммит кулууптаах, “Үөрэхтээһин” национальнай бырайыагынан бу күннэргэ саҥа таас оскуола-сад арыллар, аны “Пааматынньыктары харыстыахха” волонтерскай бырйыагынан чөлүгэр түһэриллибит “Саһыл сыһыы” этнокомплекстаах Амма улууһун Абаҕа нэһилиэгин олохтоохторо СӨ бырабыыталыстыбатын отчуоттуур бөлөҕүн махтал тылларынан көрүстүлэр. Дойду салайааччыта Владимир Путин ыытар политикатын Ил Дархан Айсен Николаев өйөөн тыа сиригэр маннык сайдыы барыан сөптөөҕүн билбит дьон өссө тугу туруорсаллар эбитий?

Үөрэх уонна наука миниистирэ Нюргуна Соколова салайан илдьэ сылдьар отчуоттуур бөлөх үһүс күн үлэлэрэ Абаҕа нэһилиэгэр саҕаланна. Былырыын Россия Президенэ көҕүлээһининэн үлэлиир национальнай бырайыак чэрчитинэн хаптылаанынай өрөмүөнү ааспыт кулууп сып-сырдык, анагылыы көрүҥнэммитэ астык бөҕө. Санаабар, бэл, кэҥээбиккэ дылы буолбут. Урукку сылларга халыҥ таҥастаах олорон “ала кулуну төрөтөр” эбит буоллахпытына, быйыл тутуу сылыйан, атах тэпсэн олорон кэпсэтии ыксала суох барда.

Олохтоохтор бу сырыыга кэлбит бөлөххө спортивнай саала тутуутун сэргэ киин ититэр ситимҥэ холбонууну туруорустулар. Нэһилиэккэ баар историческай суолталаах тутуулары – оскуола, оҕо дьиэтэ буола сылдьыбыт дьиэни, таҥара дьиэтин чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ барыахтарын наада диэн эмиэ эттилэр. Маны сэргэ, ханнык баҕарар нэһилиэккэ курдук, суолу көрүү мөлтөҕүн, сыана үрдүгүн аҕыннылар, Амма эргин алмаас хостооһунун ыйыталастылар.

“Амма олоҕо” хаһыат.

Читайте дальше