Нэһилиэк баһылыга теннискэ түөлбэтин көмүскээтэ

Амма Наахара нэһилиэгэр  спорду өрө тутар дьон үгүс. Сыллата  түөлбэлэр икки ардыларыгар араас күрэх ыытыллар. Субуота күн Мария Заборовская дириэктэрдээх Е.Григорьев аатынан нэһилиэк спортивнай саалатыгар остуол тенниһин күрэҕэ бэрт сэргэхтик буолан ааста. Нэһилиэк баһылыга Захар Александров бэйэтэ эмиэ оонньоон нэһилиэгин дьонун спорка көҕүлүүр.

Теннис күрэҕэр эр дьон 18 — 35,  36 — 59, 60 үөһэ саастарга арахсан күөн көрүстүлэр. Онтон дьахталлар 18 — 35, 36 — 49, 50 үөһэ саастаахтар күрэхтэстилэр.

Бэрт сэргэх күрэххэ түөрт түөлбэттэн 18-35 саастаахтарга дьахталларга 1-кы миэстэ Мария Заборовская (“Сайдам” түөлбэ), 2-с миэстэ Мария Сигаева (“Кэскил” түөлбэ), 3-с миэстэ Эльза Лебедева (“Аргыс” түөлбэ), 4-с миэстэ Екатерина Унарова (“Маяк” түөлбэ) буоллулар.  Онтон эр дьоҥҥо 1-кы миэстэни Данил Макаров (“Сайдам” түөлбэ), 2-с миэстэни Батор Бадмаев (“Аргыс” түөлбэ), 3-с миэстэни Артём Тарабукин (“Кэскил” түөлбэ) ыллылар. 36-50 саастарыгар диэри дьахталларга 1-кы миэстэҕэ Марина Макарова (“Аргыс” түөлбэ), 2-с миэстэҕэ Февронья Иванова (“Маяк” түөлбэ), 3-с миэстэҕэ Ольга Григорьева (“Сайдам” түөлбэ), 4-с миэстэҕэ Мария Яковлева (“Кэскил” түөлбэ) таҕыстылар.

Эр дьоҥҥо 36-60 саастаахтарга 1 миэстэ Захар Александров (“Аргыс” түөлбэ), 2-с миэстэ Павел Пахомов (“Кэскил” түөлбэ), 3-с миэстэ Леонид Ощепков (“Маяк” түөлбэ), 4-с миэстэ Павел Макаров (“Сайдам” түөлбэ) буоллулар. Дьахталларга 51-тэн үөһэ саастаахтарга  1-кы миэстэҕэ Людмила Алексеева (“Аргыс” түөлбэ), 2-с миэстэҕэ Калиста Степанова  (“Маяк” түөлбэ), 3-с миэстэҕэ Елизавета Устинова (“Кэскил” түөлбэ), 4-с миэстэҕэ Любовь Никифорова (“Сайдам” түөлбэ),  онтон 60 саастарыттан үөһэ саастаах эр дьоҥҥо 1-кы миэстэҕэ Прокопий Пахомов (“Маяк” түөлбэ), 2-с миэстэҕэ Гаврил Чемезов (“Сайдам” түөлбэ), 3-с миэстэҕэ Алексей Александров (“Кэскил” түөлбэ), 4-с миэстэҕэ Владислав Константинов (“Аргыс” түөлбэ) тахсан спортка бэриниилээхтэрин көрдөрдүлэр. Онон уопсай түмүккэ бастакы миэстэни «Аргыс», иккис миэстэни «Сайдам», үһүс миэстэни «Маяк», төрдүс миэстэни «Кэскил» түөлбэлэр ыллылар. Ити курдук сылы быһа ыытыллар күрэх саҕаланыыта олус сэргэхтик ааста.

Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА

Читайте дальше